Муус устар 4 — 9 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ учуутала» профессональнай күрэх Дьокуускай куоракка буолан ааста. Барыта 29 учуутал араас улуустартан кэлэн кыттыыны ыллылар. Мин былырыын улуус иһинэн ыытыллыбыт күрэххэ бастакы миэстэни ылан Бүлүү улууһун аатыттан кытынным. Бэйэм математика учууталынан Бөтүҥ оскуолатыгар бэһис сылбын үлэлиибин.

Күрэх олус урдук таһымнаахтык ааспыта. Хас биирдии учууталга умнуллубат олоҕун биир чаҕылхай кэрдиис кэминэн хаалбыта буолуо диэн эрэнэбин.

Мин уруогум бэрт сэргэхтик ааспыта. Оҕолор көхтөөх кыттыыны ылан, билиилэрин көрдөрөн уруок табыллан ааспытыгар Саха гимназиятын оҕолоругар, коллективыгар махталбын биллэрэбин.

Ол курдук үөрэн-көтөн, саҥаны билэн, бэйэни холонон көрөн сүрдээх үчүгэй күрэх ааспыта. Мин “Надежда Якутии” анал аат ылбытым соһуччу үөрүү, улахан ситиһии буолбута. Тэрийээччилэргэ, дьүүллүүр сүбэҕэ, кыттааччылар ааттарыттын махталбын тиэрдэбин.

Яна АФАНАСЬЕВА, Бүлүү

«Сыл бастыҥ учуутала-2022» профессиональнай күрэх миэхэ тугу биэрдэ?

Бастатан туран, бу күрэх – хас биирдии кыттааччы бэйэтин профессионал, улэһит, специалист быһыытынан тургутунан көрөрүгэр, күрэхтэһээччилэр идиэйэлэрин, көрүүлэрин, бэйэ ньымаларын, быһата, бэйэлэрин уопуттарын атастаһалларыгар кыах биэрэр былаһаакка буолар.

 Бу күрэххэ кыттыыттан тус бэйэбэр үгүс элбэх уопут, саҥа идиэйэ ыллым. Хас биирдии кыттааччы солун ньымалаах, ураты көрүүлээх, туспа истииллээх буолан, күрэх кэмигэр кинилэри көрөн, элбэххэ үөрэнним. Онон, бастатан туран, күрэхтэн – уоппут, саҥа идиэйэ ыллым.

Тыа сирин учууталлара, Дьокуускай куорат оскуолаларыгар тиийэн, «куорат оҕолоругар» бэйэ методикатын туһанан, уруоктары, кылаас чаастарын ыытан кердүбүт. Онтон киһи киэҥ сиргэ сылдьан, бэйэтин ньымаларын туһанан, ханна, тугу эбиэххэ, тугу уларытыахха сөбүн көрөр эбээт. Ол аата – саҥа усулуобуйаҕа холонон көрөн, бэйэтин ньыматын уларытар, сайыннарар, чочуйан биэрэр. Ол курдук, иккиһинэн, күрэх кэмигэр үлэбин өссө хайдах уларыта тутан, саҥа таһымҥа тахсыахпын сөбүй диэн санаалар, толкуйдар киирдилэр.

Күрэх кэмигэр үгүс элбэх, үтүө дьону кытта билистим. Кыттааччылар бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, көмөлөһөн, санаа атастаһан, астык күннэр аастылар. Ол курдук, күрэх тус бэйэбэр саҥа доҕоттору, биир санаалаах кэллиэгэлэри, үтүө дьону бэлэх уунна.

Түмүккэ, бука бары тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга барҕа махталбын тиэрдиэм. Үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, саҥаттан-сана саҕалааһыннары, үтүө түмүктэри, кытаанах доруобуйаны баҕарабын!

Дмитрий МИХАЙЛОВ, Сунтаар

Күрэх саҕаланыан иннинэ бэйэбит үлэбит-хамнаспыт туһунан медиавизитка, өйтөн суруйуу — эссе уонна учуутал сайтын дьүүллүүр субэҕэ ыыппыппыт.

Методическай мастерскойга «Концепция формирования коммуникативных компетенций обучающихся на уроках истории и обществознания» диэн теманан кытынным. Үлэбэр ханнык технологиялары туттарбын кэпсээтим, тылынан сорудахтары оҥорторон, хас да сыл кэтээн көруубун ырытан көрдөрдум. 

«Правовое регулирование занятости и трудоустройства» диэн теманан Дьокуускай 18-с оскуолатын 10 кылааһын оҕолоругар аһаҕас уруок ыыттым. Манна араас ньымалары, методикалары туһанным. Саҥарыыны, ааҕыыны ситимнээтим, элбэҕи толкуйдатар сорудахтары оҕолорго биэрдим. Үөрэнээчилэр сүрдээх үчүгэйдик кытыннылар, аһыллан саҥардылар, туруорбут сыалбытын ситистибит дии санаатым.

Күрэх иккис түһүмэҕэр ааспыппыттан олус үөрдум, долгуйдум.

Наталья НОВИКОВА, Амма

Биһиги улууска «Сыл бастыҥ учууталын» күрэҕэ кэтэхтэн ыытыллыбыта, ону аахпатахха маннык күрэххэ маҥнайгы холонуум буолла. Уһун-киэҥ сүрдээх тэрээһиннээх оонньуу эбит. Кыттааччылар туох да бэрт былдьаһыыта суох, бэйэ-бэйэҕэ көмө, сүбэ-ама буола сылдьалларыттан сүрдээҕин үөрдүм.

Александр ДМИТРИЕВ, Үөһээ Бүлүү

            Бу күрэх миэхэ күрэхтэһии эрэ буолбатах, бастатан туран, бэйэни кытта үлэ, бэйэни сайыннарыы, бэйэ уопутун үллэстии буолар. Манна биһиги, учууталлар, бэйэбитин үөрэнээччилэр курдук сананныбыт. Бу сырыыга биһиги дьүүллүүр сүбэ иннигэр эппиэттиибит, оскуола оҕолорун курдук долгуйдубут, бииртэн биир түһүмэххэ ааһан бустубут-хаттыбыт.

Бастакы күммүтүгэр барыбытын бөлөхтөргө арааран визитка толкуйдаппыттарыттан саҕалаан, бу күрэх барыта толкуйдаммыта киһини сөхтөрөр.

Визиткаҕа бэлэмнэнии — бу билсиһии, бэйэни көрдөрүү, күрэх  тыыныгар киллэрии этэ. Олус интэриэһинэй, баай уопуттаах, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан сылдьар биир идэлээхтэрбин кытта билистим. Хас биирдиилэриттэн туох эрэ саҥаны биллим, бэйэбэр ылынным. Ордук мастер- кылаастары көрөн астынным, бэйэм үлэбэр инникитин туһаныам диэн бигэ эрэллээхпин.

Маннык үрдүк таһымнаах күрэххэ кыттыбыппыттан олус үөрэбин. Миигин өйөөн, сүбэ-ама биэрэн кытыннарбыт коллегаларбар уонна күрэҕи тэрийээччилэргэ – ҮөСуоИҮҮ үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин.

Валентина НАФАНАИЛОВА, Уус Алдан

Күрэх уопсай өйдөбүлэ олус үчүгэй. Интэриэһинэй коллегалары  көрсөн санаа атастаспыппытын астынным. Саҥа идеялары ыллыбыт, дуоhуйдубут, үөрдүбүт. Тэрээһин барыта олус холку, комфортнай, ону тэҥэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста.

Ордук чорботон кылаас чааhын Саха гимназиятын 10 кылааһын оҕолоругар ыыппыппын этиэм этэ. Оҕолор олус тыыннаах, чаҕылхай этилэр. Тэрээһин кэнниттэн коридорга көрсөн кыратык кэпсэтэн, күлэн-үөрэн ылбыппыт, быыhыгар дьарыкпытын үчүгэйдик ситэрэн логическай түмүгэр тиэрдибиппит.

Александр ИВАНОВ, Таатта

Бу  кыттыы миэхэ икки төгүл долгутуулаах уонна эппиэтинэстээх этэ. Быйыл биһиги оскуолабыт төрүттэммитэ 150 сааһын бэлиэтээбиппит, муус устар 4 күнүгэр күрэх маҥнайгы күнүгэр сөп түбэспитэ олус долгутуулаах  буолла. Онон күрэххэ кыттарбар биир саамай уустук өрүтүнэн эппиэтинэһэ уонна эрэли толоруу буолбута дии саныыбын.

Быйылгы кыттааччылар, тэрийээччилэр бары маҥнайгы күнтэн биир тыыҥҥа киирэн, биир коллектив курдук буолан, бу алта күммүтүн олус интэриэһинэйдик, таһаарыылаахтык атаардыбыт. Бары түһүмэхтэргэ бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, өйөһөн кытынныбыт. Бу профессиональнай күрэх биир саамай сүрүн  түһүмэҕинэн уруок буолара чуолкай. Уруоктарбытын, кылаас чаастарын 4 оскуоланан бөлөххө арахсан ыыппыппыт тэрийээччилэр өттүлэриттэн  бириэмэни сөптөөхтүк аттарыыга көмөлөстө. Мин бэйэм уруокпун 18 нүөмэрдээх оскуолаҕа 3 кылаас оҕолоругар ыыппытым. Виртуальнай экскурсия быһыытынан бэйэм кылааһым оҕолорун  кытта билиһиннэрэн, сорудахтары толорбуппут. Математика уруога олус интэриэһинэйдик ааспыта. Оҕолор бу предмети  олус сөбүлүүллэрэ, санааларын сайа этэллэрэ өтө көстөрө. Түгэнинэн туһанан, учууталларыгар Людмила Нестеровнаҕа  өссө төгүл махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын.

Тэрийээччилэр болҕомтолоох сыһыаннара кыттааччы күрэх кэмигэр күүрэ, долгуйа сылдьаргын  уоскутар, санааҕын сааһылыыр.

“Сыл бастыҥ учуутала» күрэххэ кыттыы миэхэ тугу биэрдэ? Саҥа доҕоттору, интэриэһинэй дьону кытта билсиһии. Оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ саҥа ньымалары туттарга көҕүлээтэ, инники үлэбэр баай уопуту биэрдэ.

Ситиһиибэр муҥура суох махталбын аныахпын баҕарабын чугас дьоммор, хамаандабар, тапталлаах методическай холбоһукпар, убаастабыллаах оскуолам, улууһум салалтатыгар. Бу соҕотох киһи ситиһиитэ буолбатах. Кинилэр өйөбүллэрэ, сүбэлэрэ миигин ситиһиигэ кынаттаата.

Прасковья МАКСИМОВА, Чурапчы

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *