Билиигин – көрүүгүн,
Сүрэҕиҥ сылааһын
Сүүһүнэн ыччакка
Иҥэрэ сылдьааччы
Эн буолаҕын, учуутал,
Учуутал барахсан…
(ааптар хоһоонуттан)
Биһиги кэргэмминиин 1981 сыл күһүнүгэр аҕыйах хонуктааҕыта 150 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтээбит Г.В.Егоров аатынан Мүрү 1№-дээх орто оскуолатыгар биирбит физигинэн, биирбит төрөөбүт тыл учууталынан ананан үлэлии кэлбиппит. Оскуола дириэктэринэн Степанов А.П. үлэлиир этэ. Үлэбит бастакы күннэриттэн РСФСР, САССР үтүөлээх учуутала, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера завуч Ия Петровна Рыбкина илиитигэр түбэспиппит. Эдэр учууталларга үлэ бөҕө былааннаан ыытара, уруоктарбытыгар сылдьан сөптөөх ыйыы – кэрдии биэрэр, элбэхтэ сүбэлиир — амалыыр этэ. Онон уһун сыл учууталлыырбар убаастыыр завуһум Ия Петровна уһуйуутунан, такайыытынан ситиһиилээхтик үлэлээтим дии саныыбын.
Кылаас салайааччытын быһыытынан үс кылааһы бүтэттэрбитим. Оҕолорум бары олоххо миэстэлэрин булан үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан үөрэбин. Бастакы выпуспуттан дьаһаллаах, улахан киһилии дуоспуруннаах икки Кешалары (Колесов уонна Колодезников), Слава Игнатьевы, Толя Босиковы, Ньургуйаана Троеваны, Айта Васильеваны ордук өйдүүбүн. Иккис выпуһум 2001 сыллаахха буолбута. Үс үөрэнээччим саха филологиятыгар тута киирэн үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Олортон Петухова Лариса билигин оскуолаҕа бэйэм оннубар, Оля Гоголева куоракка Саха Сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр отдел сэбиэдиссэйинэн, Лена Гоголева национальнай библиотекаҕа методиһынан айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар.
Уопутуран эбитэ дуу, ирдэбил күүскэ турбутунан дуу ордук тахсыылаахтык кэлиҥҥи выпуспар үлэлээбитим. Кылаас таһынан үлэбин париоттуу тыыҥҥа иитиигэ туһулаабытым. Сыл устата бу тиэмэҕэ сыһыаннаах араас көрсүһүүлэр, бэсиэдэлэр, экскурсиялар уо.д.а. ыытыллар этилэр. Кыайыы күнүгэр аһаҕас кылаас чаастарын үчүгэйдик толкуйдаан ыытар буолбутум. Оскуоланы бүтэрэн баралларыгар кылааһым старостата Яковлева Зина маннык суруйан хаалларбыта “Это Вы научили нас ценить то, что нам дано, научили хранить память о тех, кто пал на полях войны, научили уважать и помогать старшим… “ сыралаах үлэм халтайга хаалбатаҕын туоһулуур.
Ити тиэмэбин салҕаан үөрэтэр оҕолорбор чугас дьонноро, аймахтара Улуу сэриигэ кыттыыларын туһунан суруйтаран, бастыҥ үлэлэри “Мин дьонум Кыайыы туһугар” диэн ааттаан биэстии сылынан кыракый кинигэ таһаарбытым. 2010, 2015, 2020 сылларга. Ити үс кинигэбин холбоон халыҥ тастаах, өҥнөөх хаартыскалардаах дьоһун кинигэни таһаартарбыппар барыта түөрт уон икки оҕо үлэтэ киирбитэ.
Уопсайынан уруоктарбар айар үлэни тиһигин быспакка ыытааччыбын. Айар үлэ бастыҥнарын талан кинигэҕэ киллэрэр идэлээх этим. “Алааспыт барахсан”, “Төрөөбүт дойдубут”, “Оҕо сааһым умнуллубат түгэннэрэ”, “Тыыннаах айылҕаны харыстыаҕыҥ”, “Айар абылаҥҥа куустаран”, “Улуу суруйааччы Ойуунускай” диэн ааттаан чараас да буоллаллар, бэйэбит санаабытыгар бэртээхэй кинигэлэри таһаарбыппыт.
Икки сыл курдук хаһыакка үлэҕэ сыстан, “Бэлэм буол!+” өрөспүүбүлүкэ, “Мүрү саһарҕата” улуус хаһыаттарыгар элбэхтик бэчээттэммиппит. Олору барытын түмэн “Сырдык сыдьаайдаах сонуннар” диэн ааттаан А4 кээмэйдээх дьоһуннаах кинигэ тахсыбыта. Хоһоону эмиэ суруйтаран көрөр үгэстээҕим. Оҕолор айбыт хоһооннорун түмэн “Хоһоонньут оҕолор” диэн кинигэ күн сирин көрбүтэ.
Маны таһынан биэс уоммун туолан баран, олохпун эргиллэн анааран көрөн, “Олоҕум суола”, айар үлэбин түмэн “Оҕо саастыын сиэттиһэн”, “Эбээ хоһоонноро”, “Дьол кыымнара” кинигэлэрдээхпин. “Маҥнайгы нүөмэрдээх оскуола” хоһоонум билигин оскуолабыт гимнэ буолан ылланарыттан үөрэбин. Таарыйа аҕыннахха, оскуола хаһыатын аатын талыыга “Сыдьаай” диэн мин ааттаабыппын ылбыттара. 2016 сыллаахха “Дьыктаан хомуурунньуга” 2500 ахсаанынан тахсан, өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанан, биир идэлээхтэрим туһана сылдьаллар. Литература уруоктарыгар туттар методикабын “Айымньыны ааҕарга көҕүлүүр ньымалар” диэн ааттаан учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт иһинэн таһааттарбытым. Тохсус кылааска сүрүннүүр экзамеҥҥа бэйэттэн суруйууну ыарырҕатар оҕолорго анаан 50 тиэмэҕэ холобур суруйан наадыйар оҕоҕо тиэрдэбин.
Үлэлээн бүтэн олорон сыана быһыннахпына, үлэбэр эппиэтинэстээхтик, ис сүрэхпиттэн кыһаллан үлэлээбит эбиппин диибин, ону миэхэ үөрэнэн ааспыт оҕолорум бигэргэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Эрчиллии толоруутун хонтуруоллуур тэтэрээт баарын өйдүүр буолуохтаахтар. Ол тэтэрээт ордук чиэппэр түмүгэ тахсарыгар улахан оруолу оонньооччу. Литература уруоктарыгар учуобунньугу таһынан эбии аахтарар этим. Ол курдук Иван Гоголев “Хара кыталык”, Далан “Тулаайах оҕо”, Николай Якутскай “Төлкө”, Софрон Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” арамааннарыттан тала сылдьан бэрт элбэҕи ааҕар этибит. Билиилэрэ – көрүүлэрэ кэҥээтин диэн суруйааччы олоҕуттан бэйэм эбии тугу билэрбин, ону таһынан араадьыйаттан, тэлэбиисэртэн истибит сонуннарбын оҕолорбор тиэрдэр, кэпсиир этим.
Үөрэппит оҕолорбуттан айар үлэҕэ сыһыаннаах Черкашин Петяны, оскуоланы бүтэрэригэр кинигэ таһаарыммыт Кривошапкина Ияны, айар үлэҕэ куруутун ситиһиилээхтик кыттан ааппын ааттаппыт Лебедева Алинаны, Старостин Ганяны, олимпиадаҕа региональнай этапка призер буолбут Исакова Аленаны, “Инникигэ хардыы” НПК конференцияҕа ситиһиилэммит Даниил, Кудук Ушницкайдары, Сивцева Маринаны, “Куйаар” араадьыйаҕа үлэлэспит Карамзина Айтаны, Сидорова Наташаны, уруоктарбар ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үөрэммит Егорова Марианнаны, Сивцева Аленаны, Васильева Айтаны, Попова Машаны уо.д.а олус күндүтүк саныыбын. Манна ааттамматах оҕолорум бары син биир миэхэ наһаа күндүлэр. Эдэр сылдьан үөрэппит үөрэнээччим Шелковников Юра былырыын минньигэс тордунан күндүлээн улаханнык үөрдэн турардаах. Ити курдук үөрэппит оҕоҥ болҕомто ууран, эйэҕэстик дорооболоһон, кэпсэтэн аастаҕына учуутал барахсан тутум үрдүүр, санаата көтөҕүллэр.
Бииргэ эн-мин дэһэн эйэ дэмнээхтик үлэлээн ааспыт күндү дьоммун ааттаан ааһарым тоҕоостоох дии саныыбын. Ол курдук педагогическай үлэ бэтэрээнэ, учууталлар Учууталлара Охлопкова М.И., СР үөрэҕириитин туйгуннара Бочкарева Г.С., Охлопкова Н.Х., Местникова М.Д. , РФ үөрэхтээһиҥҥэ Бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна Мигалкина Г.Е. өр сылларга бары сүбэнэн ситиһиилээхтик үлэлээбит биир идэлээхтэрим буолаллар.
Олохпун анаабыт күндү оскуолам, кэнчээри ыччаты кэрэҕэ – сырдыкка угуйа, уһуйа, сырдьыгынан сыдьаайа, үйэлэргэ үүнэ –сайда, чэчирии, туругура — тупса тур!
Валентина Ивановна АММОСОВА,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Уус Алдан улууһун үөрэҕириитигэр кылаатын иһин” бэлиэлээх үлэ бэтэрээнэ