Киин сир ото-маһа көҕөрөн, кэҕэ көтөр чоргуччу этэ турдаҕына, туохтан да хаалсыбатарбыт диэбиттии хотугу үрэх мууһа үтүөрүһэ-үтүөрүһэ устан логлойо турдаҕына “Талахтаах” лааҕыр аанын тэлэччи арыйда.

       Быйыл Бөрөлөөх оскуолатын “Талахтаах” лааҕырыгар 10 оҕо дуоһуйа сынньана сылдьар. Оҕолорго анаан иитээччилэрэ Аяна Николаевна Хабарова бэртээхэй программаны бэлэмнээбит.

      Оҕолор “Күнчээн” уонна “Кустук” этэрээттэргэ арахсан сарсыардааҥҥы сэрээккэни, остолобуойга дьуһуурустубаны тэрийбиттэр. Эмчит Татьяна Германовна ыытар “Доруобуйа чааһыгар” араас бэсиэдэлэри, сүбэлэри болҕойон истэллэр.

       Күнтэн күн аайы оҕолору араас кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр кэтэһэллэр эбит. Ол курдук “Улуу Пушкин”, “Үтүө санаа”, “Интернет ситимигэр сэрэхтээх буолуу”, “Төрүччү”, “Мороженай” күннэрэ ыытыллыбыттар. “Финансовай грамотность” күнүгэр ыытыллыбыт оонньууга 5 кылааһы бүтэрбит Суздалова Муся кыайыылааҕынан тахсан үөрүү-көтүү буолбут.

       Оҕолор улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ кэтэхтэн эмиэ кыттыыны ылаллар. Ол курдук “Аллаиха читает Пушкина” аахсыйаҕа кыттан Бурцев Артемий, Рожина Дайаана, Бурцев Толя   “Туоһу сурук” туппуттар.

     Киирбэт күннээх сайыннаах Аллайыаха оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнара итинник туһалаах саҕаланна. Аны да араас тэрээһиннэр, повар Альбина Дмитриевна бэлэмнээбит минньигэс астаах бырааһынньыктар оҕолору күүтэллэр.

Надежда ДЬЯКОНОВА, Бөрөлөөх, Аллайыаха

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *