Бүгүн ийэм эргэрбит хаартыскалары бэрийэ олордоҕуна, альбом быыһыттан саһарбыт хаһыат быһаҕаһа түспүтүн ылан биэрэн иһэн,эбэм эдэр эрдэҕинэ түспүт  хаартыскатын  көрө түстүм уонна ылан аахтым: “Кыһыл знамя” хаһыат 1973 сыллааҕы муус устар 5 күнүнээҕи таһаарыытыгар бастакы балаһаҕа   “Партия олоҕор дьоһуннаах түгэн”  (оройуоҥҥа партийнай докумуоннары уларытыы саҕаланна) диэн суруллубут. Онно эбэм хаартыскатын анныгар “Майыана” ферматын старшай ыанньыксыта А.П.Ворогушина В.И.Ленин дьүһүннээх партийнай билиэти ылла” диэн бэлиэтэммит уонна  “Атыттарга холобур буолуу” диэн В. Истомин суруйуутугар бу курдук кини үлэтин туһунан сырдаппыттар: “…Ааспыт сылга кини салайар коллектива бэйэтин эбэһээтэлистибэтин аһара толорбута. Хас биирдии ынахтан 2090 кг  үүт ыаммыта. Анна Петровна бэйэтэ холобуру көрдөрөр. Кини биир ынахтан 1850 кг эбэһээтэлистибэ оннугар 2117 кг үүтү ыабыта. Ааспыт сылга кини фермаҕа  бастаабыта. “Партия иннигэр эн туох эбээһинэстээххиний?”диэн ыйыппыттарыгар кини манныгы эппиэттээбитэ: “Атыттарга холобур буолуу”. Пятилетка быһаарыылаах  сылын маҥнайгы кварталын түмүгүнэн ферма коллектива социалистическай эбэһээтэлистибэтин 111 бырыһыан толордо. Старшай ыанньыксыт Ворогушина уруккутун курдук син биир инники иһэр.”

Маны ааҕан баран, ийэм аттыгар олорон эбэм туһунан хаһыаттарга тахсыбыт суруйуулары биир-биир ылан көрө олордум. Бу саһарбыт хаһыаттар элбэҕи да кэпсииллэр: Советскай Союз Геройа Федор Охлопков аатынан совхоз Саһыллааҕы отделениетын старшай ыанньыксыта Анна Петровна Ворогушина салайар “Кэскил” фермата сылын ахсын үрдүк көрдөрүүнү ситиһэрэ, бэйэтин биэс сыллаах былаанын 1980 сыл кулун тутарга толорбута, ыам ыйын түмүгүнэн пятилетка устатыгар 169919 кг былаан оннугар 181729 кг үүтү ыабыта, сүнньүнэн ыччат үлэлиир ферматыгар  сатабыллаах наставник буолара, оттон Л.Винокурова  “У сасыльских животноводов” диэн таһаарбыт фоторепортаһыгар “<…> Высоких показателей добился коллектив фермы “Кескил”, руководимый коммунистом, наставником молодежи А.П. Ворогушиной. Полугодовое задание выполнено на 118,9 процента, от фуражной коровы надоено по 1090 кг молока.<…>”диэн чиҥэтэн суруллубут.

П. Васильев “Тылларын толордулар” диэн суруйуутуттан манныгы ааҕабын: “Герой Ф.Охлопков аатынан совхоз Саһыллааҕы отделениетын “Майыана” үүт-табаарынай ферматын коллектива онус  пятилетка маҥнайгы сылынааҕы сайыҥҥы мэччирэҥҥэ  —  сайыҥҥы түөрт ый устата хас биирдии фуражнай ынахтан 1000 килограмм үүтү ыырга социалистическай эбэһээтэлистибэ ылыммыта. Сайын ааста. Коммунист Анна Петровна Ворогушина салайар сүөсүһүттэрин коллектива, хас биирдии фуражнай ынахтан 1029-туу килограмм үүтү ыан, эппит тылын чиэстээхтик толордо. Ферма үрдүнэн эбэһээтэлистибэни таһынан 67,9 центнер үүт ыанна. <…> Маладьыастар! Маннык үлэлиэххэ наада.”

Ворогушина (Скрыбыкина) Анна Петровна

Оттон И. Попов “Үрдүк ыам маастара” диэн бэлиэтээһинигэр  бу курдук суруйбут: “Биирдэ Анна Петровнаттан үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин кистэлэҥэ туохха сытарын ыйыттым.

  • Миэхэ туох да кистэлэҥ суох, — кини холкутук эппиэттээбитэ, — сүөһү сүөһүлүү буолбакка киһилии сыһыаны эрэйэр. Бары тыынар тыыннаах курдук эйэҕэс сыһыаны сөбүлүүр. Ол иһин кинилэри кыра оҕолор курдук биэбэйдииргэ күһэллэҕин – аһатаҕын, уулатаҕын, ыраастыыгын. Өскөтүн сүөһү туохтан эмэ дьиксиннэҕинэ үүтүн ситэ биэрбэт.”

Маны  таһынан ССКП Саха сиринээҕи обкомун чилиэнэ, народнай депутаттар Саһыл сельскэй Советын депутата Анна Петровна Ворогушина  ыанньыксыттар коллективтарыгар эрэ буолбакка, нэһилиэнньэ ортотугар улахан иитии үлэни ыытарын туһунан ырылхайдык сурулла сылдьар.

Эбэм “Кыһыл знамя”хаһыакка тахсыбыт хаартыскаларыттан  мин диэки сэргэхтик, эмиэ да тургутардыы көрөн олорор, ол быыһыгар күөстүү оргуйар үлэ үөһүгэр сылдьара көстөр.

 Бүгүн мин өйдөөтүм үгүһү: мин эбэм барахсан  өр сыллар устата, биир да өрөбүлэ суох тохтообокко үлэлээн, партия иннигэр эппиэттээх да кэми ааспыт, туруулаһан, сыралаһан, элбэх да үүтү ыабыт, тапталлаах Томпобут сиригэр тыа  хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрсибит, атыттарга холобур буолбут. Күннэтэ көрөр, таптыыр эбэм аны биһигини биэбэйдээн улаатыннардаҕа, үтүө дьон буоларбыт иһин кыһамньытын уурдаҕа.

Эбээ, мин эйиигинэн киэн туттабын, эн олорбут олоҕуҥ, килбиэннээх үлэҥ аны миэхэ холобур. Кырдьар сааскар эйиэхэ күүс-көмө буолуоҕум, тапталлаах төрөөбүт дойдубар туһалаах буоларга кыһаллыам!

Тимур ФРОЛКИН, Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто
оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ, Томпо

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *