Саха билиилээх суруйааччыта Г.Г.Вешников — Баал Хабырыыс төрөөбүтэ 105 сылын көрсө төрөөбүт Курбуһаҕар араас тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Нэһилиэк оскуолаларын, уһуйааннарын оҕолоругар хоһоон ааҕыыта, уруһуй күрэҕэ ыытыллан, поэт төрөөбүт күнүгэр муус устар 15 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Учууталларга «Ыстарбын ини дьон сүрэҕэр туох эрэ кэрэни айан…» айар күрэх ыытылынна.
Баал Хабырыыс публицист быһыытынан суруйбут ыстатыйалара олохтоох библиотекарь Марфа Анатольевна Пестрякова көҕүлээһининэн оцифровкаланан улуустааҕы электроннай библиотекаҕа киириэхтэрэ.
Курбуһах дьоно-сэргэтэ биир дойдулаахтара Баал Хабырыыс аатын киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга, үйэтитиигэ тиһигин быспакка үлэлэһэллэр.
П.А. Ойуунускай аатынан литература музей муус устар 15 күнүгэр саха биллиилээх поэта, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Гавриил Григорьевич Вешников – Баал Хабырыыс (15.04.1918 – 22.04.1969) төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ тэрээһиннээхтик буолла. Суруйааччылар, литератураны чинчийээччилэр, аймахтара, Курбуһах нэһилиэгин администрацията, биир дойдулаахтара, Баал Хабырыыс айымньыларын сэҥээрээччилэр кыттыыны ыллылар.