Кинигэ - сынньанар куммэр
Кэпсээннээх кэрэ ыалдьыт,
Үлэлиир, үөрэнэр кэммэр -
Өйөллөөх үтүө арыалдьыт
Таллан Бүрэ
Кинигэ хас биирдии киһи олоҕор сүҥкэн суолталааҕын билигин сайдыылаах XXI үйэ оҕолоро кэнники кэмҥэ сүрдээҕин күүскэ өйдүүр буоллубут. Онтон кинигэни ааҕыыга саамай сүрүн оруолу дьиэ кэргэн ыларын бары бэркэ билэбит. Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа кинигэни сөбүлээн ааҕар буоллахтарына, оҕо онтон холобур ылан, кинигэни арахсыбат доҕор оҥостон ааҕар, сыаналыыр буолар.
Сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут “Төрөөбүт төрүт тылбыт-төлө туппат төрүт баайбыт” бырайыак чэрчитинэн, 3-с төгүлүн “Ааҕар дьиэ кэргэн” алын кылаас кинигэни таптаан ааҕар дьиэ кэргэттэрин күрэстэрэ П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатыгар буолан ааста. Бырайыак ааптардара: К.Е. Иванов аатынан Элгээйи орто оскуолатын билимэ уонна Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи олохтоох модельнай библиотеката. Күрэс сыала – соруга: дьиэ кэргэнинэн ааҕыы суолтатын үрдэтии, ааҕыы үтүө үгэстэрин сөргүтүү. Күрэхпит нэһилиэк төрүттэммитэ 250 сылыгар ананна. Манна барыта 6 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Бары кыттааччылар сүрдээх интэриэһинэй, сытыы киирсиилээх, 5 түһүмэхтээх тургутууну аастылар. 1 түһүмэх: “Биһиги – ааҕар дьиэ кэргэн” эрдэттэн бэлэмнэммит видеоролигынан дьиэ кэргэни билиһиннэрии буолла. 2 түһүмэх: “Мин эрэллээх Элгээйим, мин таптыыр Элгээйим” тургутук ыытылынна. Манна хамаандалар бэйэлэрэ талан ылан, араас ыйытыыларга хоруйдаан төрөөбүт нэһилиэктэрин историятын төһө билэллэрин сырдаттылар. 3 түһүмэх: “Үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларын ааптардарын кытта холбооҥ” диэн буолла. Бу түһүмэххэ дьиэ кэргэн суруйааччыны, кини айымньытын төһө билэрин көрдөрдө. 4 түһүмэх: “Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?” тыллар суолталарын быһаарыы. Манна кыттааччылар дэбигис өйдөммөт: иттэнэ, дүөдэ, сыккыс, амынньыар, хаттык тыллары быһаардылар. 5 түһүмэх: “Кэпсээннэринэн санаа атастаһыы”. Манна дьиэ кэргэттэр талан ылбыт кэпсээннэрин оруолларынан үллэстэн, ким хайдах сатыырынан ааҕан, оонньоон көрдөрдүлэр уонна кэпсээн сүрүн ис хоһоонун, туохха үөрэтэрин быһааран биэрдилэр. “Модьу атах”, “Саамай кэрэ уонна саамай мөкү”, “Саамай күндү бэлэх”, “Ийэ тыла минньигэс”, “Эһэ уонна кутуйах”, “Икки илии” араас кэпсээннэри сүрдээх үчүгэйдик, дьиҥнээх артыыстар курдук оонньоон көрдөрөн, хата күннээҕи түбүктэн сынньанан күлэн – үөрэн ыллыбыт.
Күрэххэ кыттыбыт бары дьиэ кэргэттэр хас биирдии түһүмэххэ үрдүк таһымнаах билиилэрин, Элгээйилэрин нэһилиэгин историятын интэриэһиргииллэрин толорутук көрдөрдүлэр. Түһүмэхтэр түмүктэринэн маннык номинациялар ананнылар: “Үүнэр-сайдар ааҕар дьиэ кэргэн” – Татьяна Герасимовна, Зоя Трофимова, 1 кылаас. “Умсулҕаннаах ааҕар дьиэ кэргэн” – Саргылана Ивановна, Аэлина Макаровалар, 4”а” кылаас. “Үйэлээх үтүө үгэстээх ааҕар дьиэ кэргэн” – Евдокия Владиславовна, Эрсан Захаровтар, 4 “б” кылаас. “Кинигэ доҕордоох дьиэ кэргэн” – Наталья Олеговна, Лиана Еремеевалар, 2 кылаас. “Үгүс билиилээх – көрүүлээх ааҕар дьиэ кэргэн” – Анна Серафимовна, Владиана Ивановалар, 3 кылаас. Уонна “Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн” үрдүк аатын ыллылар Прасковья Николаевна, Рома Антоновтар, 3 кылаас. Хас биирдии дьиэ кэргэн анал ааттаах грамоталары уонна сыаналаах кинигэ бириистэри тутан, олус үөрэн – көтөн өссө да элбэх кинигэни ааҕар баҕалаах дьиэлэригэр тарҕастылар. Онтон сылын аайы “Ааҕар дьиэ кэргэн”үрдүк ааты ылар кыайыылаахха анал бирииһи туттарар бу күрэх бастакы кыайыылаахтара — Эльвира Михайловна кыыһа Дуня Спиридонова дьиэ кэргэттэригэр махталбыт муҥура суох.
Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ “Үрдүктэн үрдүккэ дьулуһуҥ, үтүөттэн үтүөҕэ талаһыҥ, кэрэттэн кэрэҕэ тардыһыҥ!” диэн баҕа санаа бастыҥын баҕарабын.
Н.М. ПОПОВА, Сунтаар улууһун П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала