Элгээйи, өссө да туругур,
Сибэкки ыччатыҥ барҕардын!
Өрүүтүн уостубат өҥ-быйаҥ
Чөҥөрө чүөмпэтэ буола тур!

     Бу Георгий Романович Кардашевскай биһиги Элгээйибит туһунан хоһуйан хаалларбыт хомоҕой хоһооно. Быйыл биһиэхэ Элгээйигэ биир бэлиэ дьоллоох, дьоро күн тосхойдо. Бу күн биһиги икки сүдү, үтүөкэн дьоннору холбообут дьүһүйүүнү уонна испэктээги көрдүбүт. Ол курдук, методист, чинчийээччи  учуонай, тылбаасчыт, литературнай критик, ССРС суруналыыстарын сойууһүн чилиэнэ, Элгээйи орто оскуолатыгар 1957 – 1959 үөрэх дьылларыгар директорынан үлэлээбит Георгий Романович Кардашевскай 105 сылыгар олоҕун кэпсиир “Күлүмүрдэс күнүскүбэр” дьүһүйүүнү уонна Саха сирин комсомола тэриллибитэ 100, Элгээйи нэһилиэгэ тэриллибитэ 250, Саха сирин комсомолецтарыттан биирдэстэрэ Николай Михайлович Андреев – Түгүнүүрэп төрүөбүтэ 115 сылыгар “Сындыыс сулус кэриэтэ күлүм гынан ааспыта”, суруйааччы “Сэмэнчик”, “Аанчык” кэпсээннэринэн, дьон ахтыыларынан таҥыллыбыт испэктээги олус долгуйа, дуоһуйа, биир тыынынан, 4 чаас кэриҥэ көстүбүтүн билбэккэ да хааллыбыт.

     Испэктээги көрөөрү, анаан – минээн, сынньалаҥ күннэрин аахсыбакка туран, Сунтаартан улуус үөрэҕириитин начальнигын солбуйааччы Васильева Е.Д., улуус үөрэҕириитин мусуойун дириэктэрэ Иванова А.Г., култуура салаатыттан Самойлова Г.А., Сунтаардааҕы норуодунай театр режиссера Заровняева Т.Н., Л.А.Попов аатынан киин библиотекаттан Алексеева М.Л.,Федорова Е.С. тахсыбыттара испэктээк суолтатын, таһымын өссө үрдэтэн биэрдэ.

    Испэктээги туруорда – СР култууратын туйгуна, “Оһуор” култуура киинин режиссера – Николаева Э.С. Бэлиэтээн эттэххэ, Эльвира Самуиловна Элгээйи киэн туттар дьонун оло5ун театр нөҥүө нэһилиэнньэҕэ, ыччат дьоҥҥо билиһиннэрэр сыаллаах “Үйэтитии” диэн авторскай проегынан бу хайы үйэ  4 – үс  улахан испэктээгин туруоран, үбүлүөйдээх сылга дьонугар – сэргэтигэр улахан бэлэҕи оҥордо. Онтон дьүһүйүү ааптара – Уйбаан Нуолур аатынан олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ, СР култууратын туйгуна – Семенова Т.А.

     Испэктээги туруоруу туох да уустук, уһун сыралаах үлэттэн тахсар. Туруорааччы хас биирдии дьоруойугар сөп түбэһэр дьону булара, кэпсэтэрэ эмиэ биир туспа талаан буолар. Бу испэктээккэ барыта , кыра, улахан оруолу ааҕан туран, 41 киһи кыттыыны ылбыт. Маннык улахан таһымнаах үлэҕэ суолта биэрэн, үлэлэриттэн, дьиэтээҕи түбүктэриттэн быыс булан кыттыыны ыллылар орто оскуола үгүс учууталлара, үөрэнээччилэрэ, Айылҕа мусуойун, “Оһуор” култуура киинин үлэһиттэрэ, “Елочка” оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ, кырачаан иитиллээччилэрэ, оҕо ускуустубатын оскуолатын үлэһиттэрэ уонна уус – уран самодеятельность актыыбынай кыттыылаахтара. Кинилэр бары улахан сыана артыыстарыттан туох да уратыта суохтук оонньоон, үгүс көрөөччүнү уйадытан да ыллылар, үөрдэн, күллэрэн да хааллылар.

       Онтон сүрүн трагическай оруоллары сүрдээх итэҕэтиилээхтик арыйбыт орто оскуола эдэр педагогтара: Николай Түгүнүүрэп оруолун оонньообут – устуоруйа, уопсастыба учуутала Н.Н.Охлопков, Ааныска оруолун толорбут — нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала М.В.Соколова көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыан ыллылар.

     Испэктээх кэнниттэн үрдүк сыанаттан сүрдээх үчүгэй, дириҥ иэйиилээх,  ис дууһаттан тахсар үгүс махтал тыллаах санаалар этилиннилэр. Көрөөччүлэр олус диэн долгуйан туран, нэһилиэкпит устуоруйатыгар үгүс билбэтэхпитин биллибит, көрбөтөхпүтүн көрдүбүт, сүгүрүйэбит, киэн туттабыт үйэлээх үлэ өссө да сыаналана туруо диэн баҕа санааларын үллэһиннилэр. Ордук тоһоҕолоон, эдэр ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ үлэ барара хайҕанна уонна чахчы даҕаны, үтүө, сүдү киһигит Г.Р.Кардашевскай этэн кэбиспит алгыһа туолан, “Элгээйи, өссө да туругур, сибэкки ыччатыҥ барҕардын!” диэн өрөгөйдөөх тылларынан түмүктэннэ.

     Онтон биһиги Элгээйилэр дьолбутугар түбэспит айылҕаттан айдарыылаах, талааннаах кыргыттарбытыгар Эльвира Самуиловнаҕа, Татьяна Афанасьевнаҕа муҥура суох барҕа махталбытын,сүгүрүйүүбүтүн тиэрдэбит, өссө да айар үлэҕит аартыктара арыллан, үрдүктэн үрдүккэ ситиһии сэтиилээх көтүтэ туруҥ диэн алгыспытын аныыбыт.

Л.Н. ПАВЛОВА, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *