Нам улууhун директордарын бөлөҕө (уопсайа  6 оскуола директора: 1 Хомустаах, Никольскай, Нам алын сүһүөх оскуолата, Оҕо сайдар киинэ «КубИТ», Түбэ, Арбын) Б.Ф.Борисовтыын — Мандар Уустуун ааспыт өрөбүлгэ Таатта улууhугар Баайаҕаҕа көрүстүбүт. Бу тэрээһин Учуутал уонна сүбэhит, Үлэ сылларыгар ананна.

Былааннаммытын курдук «Аҕа сүбэhиттиин атах тэпсэн олорон…»  диэн дириҥ хорутуулаах, киэҥ киэлилээх туhалаах кэпсэтии буолбута саарбаҕа суох. Хас биирдии салайааччы туруоруммут сыалларын ситиhэргэ олук буолбут керсүһүүттэн, ирэ-хоро кэпсэтииттэн сүргэбит көтөҕүлүннэ. Аҕа саастаах сүбэhит, чуолаан, билиҥҥи балысханнаахтык уларыйа турар кэмҥэ сөптөөхтүк салайыныыга туохха болҕомто ууруллуохҕын чопчулаата, хас биирдии мустааччы ыйытыгар сиhилии эппиэттээтэ, сүбэлээтэ, алҕаата. Онтон Мандар Уус түмэлигэр сырыттыбыт: уустар, иистэнньэҥнэр үлэлэрэ элбэҕэ, дьэрэкээнэ сөхтөрдө. Дьоҕус нэhилиэк элбэх талааннаах дьонноох эбит. Тимиртэн саҕалаан туоска тиийэ уhаныы кистэҥин бигэтик баhылаабыттара өтө көстөр. Киhи киhиттэн уратыта, дьэ, дьикти суол.

Ол кэннэ Баайаҕа орто оскуолатын коллективын кытта көрүстүбүт, дьиэни-уоту көрдүбүт.

Саха саарына, бука бары тумус туттар киhибит Мандар Уус төрөөбүт дойдутун дьоно-сэргэтэ өр сылларга хааччаҕа суох олорууларын түстээбит, олук уурбут диэн түмүк санааҕа кэллибит. Сүбэhиппит, ытыктыыр киhибит өссө да өр сылларга сахаҥ дьонугар ахсаабат кыhамньыгын уҕарытыма диэн алҕаан, этэҥҥэ буол диэн тыллары этэн, сылдьыбыт туоhубутун туттаран дойдубут диэки өрө кетеҕүллэн  айаннаатыбыт.

Катерина ДОГОРДУРОВА,

Нам улууһа, Арбын

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *