Олохпор дьылҕам Михаил Андреевич Алексеевы кытта биир дьикти билсиһиини бэлэхтээбитэ…

       Тамалакаан ситэтэ суох орто оскуолатын 7 кылааһыгар үөрэнэ сылдьан үчүгэй үөрэхтээх уонна пионерскай активистка буолан «Артек» лааҕырга сынньана барар чиэскэ тиксибитим. Саха сириттэн алтынньы ыйга араас улуустартан 47 оҕо буолан Крымҥа барбыппыт. Лааҕырга 20-чэ күн сүрдээх үчүгэйдик сынньанан оҕо бөҕөтүн кытта билсэн,  доҕордоhон астынан кэлбитим. Ол сылдьар кэммэр Артек киоскатыттан халлаан күөх өҥнөөх үчүгэйкэээн блокнот ылыммытым. Манна саҥа алтыспыт доҕотторум аадырыстарын суруммутум, мэлдьи билсэ туруох буолан арахсыбыппыт. Өр кэмҥэ үксүлэрин кытта суруйсар, сибээстэһэр этим.

           9-с кылааhы бүтэрбит сайыммытыгар кылааhынан Элгээйи музейыгар теплоходунан күүлэйдии барбыппыт. Кэлэн иhэн блокноппун сүтэрэн кэбиспитим. Көрдөөбүтүм да булбатаҕым. Улахан сүтүктэммитим… Күhүнугэр Ороhуга 10 кылааска үөрэнэ тиийдим. Ол саҕана Константин Спиридонович Чиряев музейга педагогика уруогун ыытара. Билигин санаатахпына улахан педагогтар бэйэ-бэйэлэрин айымньылаах үлэлэригэр сүрдээх болҕомтолоохтук сыhыаннаhаллар эбит. Константин Спиридонович Михаил Андреевич хаһыакка тахсыбыт ыстатыйаларын биhиэхэ кэпсиир уонна ырытар идэлээх этэ. Ол курдук биир  занятияҕа «Суолга бэлиэтээhиннэр» диэн ыстатыйатын ис хоhоонун кэпсээтэ. Онно арай мин аатым ааттанна. «Биир Октя диэн ааттаах кыыс блокнотун буллум. Дойдубут араас республикаларыттан элбэх оҕо аадырыhа баар эбит. Үчүгэй элбэх доҕоттордоох оҕо быhыылаах…», — диэн бэлиэтээбит эбит. Мин истэ олорон сүрэҕим таайда, ол блокнот миэнэ буоларын, эбиитин халлаан күөх өҥнөөх сибэккилээх буолара билиннэ. Уруок кэнниттэн учууталбар миэнэ буолуон сөбүн эттим, онуоха  Константин Спиридонович Михаил Андреевичка түлүппүөнүнэн этиэх буолла. Сотору кэминэн физмат оскуолаҕа нуучча тылын олимпиадатыгар кытта таарыйа Үөһээ-Бүлүүгэ киирдим. Михаил Андреевичка дьиэтигэр тиийэ сырыттым.  Блокноппун көрөөт да биллим — миэнэ эбит, кэргэнэ мичээрдээбитинэн кэлэн илиибэр туттарбыта. Оо, онно үөрбүппүөн! Михаил Андреевич хомойуох иһин суох этэ, улэлии сырыттаҕа, көрсөн ис сүрэхпиттэн блокноппун булан биэрбитигэр махтанар санаалаах этим…  

       Дьэ бу курдук Михаил Андреевич көмөтүнэн сүтүкпүн булан доҕотторбун кытта салҕыы суруйсубутум. Кэлин сорохторун кытта университекка бииргэ үөрэммитим, билигин да сибээспин сүтэрбэппин.

      Бу түбэлтэ өссө төгүл Михаил Андреевич учуутал быһыытынан  олус болҕомтолооҕун, хас биирдии оҕо дьылҕатыгар кыhамньылаахтык сыhыаннаhарын көрдөрөр. Арай ол блокноту Михаил Андреевич булбатах буоллун? Арай..арай…арай… Миигин харахтаан да көрбөккө сылдьан, ыраахтан да буоллар дьылҕабар сырдык кэрэ кэмнэри бэлэхтээбитигэр Сүдү Учууталга махталым муҥура суох!

Октябрина Семеновна ФЁДОРОВА,

Үөһээ-Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын нуучча тылын учуутала

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *