Мин быйыл С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска киирбитим. Кылааспытыгар 29-бут. Учууталбыт аата Хомподоева Лена Прокопьевна. Бары ааҕар-суруйар буоллубут. Мин нууччалыы мүнүүтэҕэ 92, сахалыы 78 тылы ааҕабын.

Бу күһүҥҥүттэн учууталбынаан Лена Прокопьевналыын чинчийэр үлэбитин саҕалаабыппыт. Ол курдук “Туллукчаан” уһуйааҥҥа иитээччим Беляева Диана Владимировналыын саҕалаабыт үлэбитин салҕыырга быһаарыммыппыт.

Сааскы сынньалаҥ кэмигэр Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр ыытыллыбыт улуустааҕы “Далан ааҕыыларыгар” ситиһиилээхтик кыттан, 2 миэстэ буолан, үөрэн-көтөн кэлбиппит. Конференцияҕа кыттан бастакыбын кубок ылан, үөрүүм муҥура суох.

“Сатабылбын сайыннарар мультиктарым” диэн ааттаан, үлэбитин мультик оҥоруу историятын үөрэтииттэн саҕалаабыппыт. Уһуйааҥҥа сылдьан оҥорбут мультиктарбар эбии, анимация көрүҥүнэн, Далан суруйбут “Кырачаан хорсун кыыс Ньырбачаан туһунан кэпсээн” мультик оҥорон, ютуб канал арыйан укпутум.

Мультик оҥорорго бастаан айымньыны кытта билсэбит, онтон геройдары, фону уруһуйдуубут. Ол кэннэ анимация оҥоробут, онтон саҥабын диктофоҥҥа устан баран, музыка талабыт. Дьэ, ол кэннэ мультикпытын монтажтаан оҥоробут.

Мин бу үлэбин оҥорорбор анимация көрүҥнэрин кытта билистим. Ол курдук, бастакытынан, пластилинынан анимацияҕа геройдары пластилинынан оҥорон, хамсатан хаартыскаҕа түһэрэн баран холбуубут.

Иккиһинэн, куукуланан анимацияҕа куукулалары, араас предметтэри хамсатан анимация оҥоруохха сөп.

Үсүһүнэн, көһөрөн биэрэр анимацияҕа геройдары картоҥҥа уруһуйдаан, кырыйан, миэстэлэрин уларытан хаартыскаҕа түһэрэбит. Хаартыскалары видеоҕа уган уларыттахха анимация буолар.

Төрдүһүнэн, компьютерынан анимация оҥорорго компьютерга баар араас приложениелар көмөлөрүнэн уруһуйдаан, анал программаларынан оҥоруохха сөп.

В.С. Яковлев – Далан “Кыракый хорсун кыыс Ньырбачаан туһунан кэпсээн” айымньыны ааҕан билистим. Кэпсээн геройдарын, айылҕатын paint приложениеҕа графическай планшетынан уруһуйдаабытым. Онтон Power Point презентацияҕа уруһуйдарбын туруоран, анимациялаан видео уһулбутум. Диктофоҥҥа кэпсээни ааҕарбын устан, видеоны аудионы кытта Capcut приложениеҕа холбообутум. Уонна оҥорбут мультикпын ютуб каналга укпутум.

Бу курдук интэриэһиргиир темаҕытын талан, учууталгыт көмөтүнэн сатабылгытын сайыннарыҥ, элбэҕи билиҥ-көрүҥ диэн ыҥырабын.

Айна ИВАНОВА,

 1 “в” кылаас үөрэнээччитэ,

 С.А. Новгородов аатынан

 Чурапчы орто оскуолата

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *