Бу үлэбэр саха суруйааччыларын, үксүн сэбиэскэй кэмнээҕи, туһунан суруйбуппун, баҕар, эдэр учууталлар туһаныахтара диэн киллэрдим. Уруокка оҕолорго суруйааччы, автор туһунан билэллэрэ туһалаах диэн санааттан.
- … дохсун Уйбаан… Эһэтэ аата ааттаммат улахан ойуун эбит. Кини «сиэн уолум эмиэ тыл иччилээх улахан киһи буолуо» диэн эппитэ биллэр.
- Биир бэйэм мыына санаатым… кыра, хатыӊыр киһи, ыга туппут курун аллара баттанан баран, трибуна диэки дьулуруйда.
- Ис-иһиттэн манны, культуралаах киһи, күлүү гыннахтарына, тугу да саӊарбакка, ачыкытын быыһынан көрөн кэбиһэр.
- Саӊа учууталбыт перемена кэмигэр уолаттары тустуһуннартыыр, уруокка кими да мөхпөт, ол оннугар бэрт сытыы аҕыйах тылынан этэн кэбиһэр да, оҕо уоскуйан хаалар.
- Куобах бэргэһэлээх уол… сэриигэ сылдьан, үчүгэйдик уруһуйдуур буолан, саллааттар киниэхэ мэтириэттэрин оӊорторон, дьоннооругар ыыталлара.
- Уһун кубаҕай ньолоҕор сирэйдээх, уӊуох сула киһи, бэрт чэпчэкитик велосипедынан тайаардан ааһар.
- Кыра, бүрэ, хачаайы, хатан харах,сытыы сирэй… Кини төрүөн иннинэ ыһыахха ойууттар «аны 3 сылынан уот тыллаах уол оҕо төрөөрү бэлэмнэнэ сытар» диэбиттэр.
- Кини бэйэтэ Аммаҕа тыллыбыт сардаана.
- Улахан, бөдөӊ киһи, халлаан күөҕэ харахтаах, холку майгылаах, үөрүнньэӊ. Дьон уулуссаҕа нууччалыы кэпсэттэхтэринэ, «сахабын ээ» диир эбит.
- Кини сарсыарда чуумпуга, дьиэлээхтэрэ бары утуйа сыттахтарына, оһоҕун оттор уонна дьэ суруйан барар. Кустуурун, балыктыырын туохтааҕар да ордорор, сүрдээх үчүгэйдик ыллыыр, уруһуйдуур эбит.
- «Саха тылын илбиһин, имэӊин, иччитин кини илдьэ сылдьар» диэн Ойуунускай кини туһунан эппитэ. Бу күн сириттэн барбыт сылын оннугар 3 туочука турар, репрессияҕа түбэһэн баран, хайдах дьылҕаламмытын туһунан араас көрүү баар этэ.
- Сытыы тыл, тыытылба тыӊырах, эрэнэрим оччо…
- Уус-Алдаӊӊа биир оҕонньор кинини көрүөм этэ диэн кэлэн баран, саатар, бэйэтиттэн ыйыппытын, тула көрүөлээн баран, толуу, бөдөӊ, мааны Күннүк Уурастыырабы ыйан көрдөрөр.
- Оҕонньор астынан олорон, кырдьаҕастары кытта бэрт өр сэһэргэһэр, ыллыыр-туойар, олоӊхолуур, күлэр-салар. Айар аатын туһунан ыйыттахха, «бэйэтэ билбитинэн сылдьар, тук хоту сылдьыбат ат баар буолар. Оннук ааты ылыммытым» диэбит эбит.
- Хараҕа да суох буоллар, аан дойдуга туох буола турарын барытын билэр, истэр, мунньахха дьоӊӊо кэпсиир. Ойуун курдук уус тыллаах, субу көстөр курдук мэтириэти ойуулуур сатабыллаах, бэйэтэ эмиэ олоӊхоһут эбит.
- Оҕо сааһыгар көһөрүүгэ түбэспит буолан, доруобуйата айгыраабыт, мөлтөөбүт киһи этэ. Биир хоһоонуттан сылтаан, улаханнык дьарылла сылдьыбыт.
- Хайа да норуокка дьонун туһугар туруулаһар дьон баар буолаллар. Кини оннук этэ.
- Издательствоҕа үлэлии олорон, уопсай кэпсэтиигэ мээнэ кыттыбат, кыратык күлэн кэбиһэр, биирдэ эмэ бэрт сытыы, дьээбэлээх тылы этэн кэбиһэр, онтуката кэпсээн буолар.
- «Биһиги сыппыт блиндажпытыгар буомба түһэн, оӊхой эрэ хаалбыта. Киһибит биирдэ минометунан ытан көрөн баран, айаҕыттан хаана барбыта. Ол иһин сэриигэ ылбаттар эбит».
- Оннооҕор оҕотук сааспар кинини үтүктэн «Уунаӊныырап» диэн аат ылына сылдьыбытым.
- Кини биирдэ уот иччитин кытта кэпсэппитим диэбит эбит.
- Сүүс сылы бэрт кыранан туолбакка уһун олоҕу олорбут Үлэ Геройа.
- «Төрөөбүт дойдуӊ син биир ийэӊ кэриэтэ. Мин кинини сирбэппин-талбаппын» диэбитэ.
- Ырыаһыт, мелодист Ольга Иванова киниттэн көрдөһөн хоһоон суруйтаран, «Таптыаҕыӊ ийэни» ырыа баар буолбута.
- Биирдэ Казахстаӊӊа саха литературатын күннэригэр эмискэ атынан кыыһы эккирэтэн ситэр оонньуу биллэрбиттэригэр кини аан бастаан акка олорон, Саха сирин аатын түһэрбэккэ, кыыһы сиппитэ. Кини саамай эдэрдэрэ этэ.
- Кини саха суруйааччыларын сойууһун 17 сыл салайбыт кэмигэр сайдыыга улахан хардыы оӊоһуллубута: эдэр суруйааччылар хомуурунньуктара тахсыбыта, атын омук республикаларын кытта сибээс олохтоммута, тылбаас сайдыбыта.
- Биһиги кэммитигэр ураты уус тыллаах, литератураҕа эмискэ биллибит суруйааччы, бэйэтэ библиотекарь, булчут.
- Кини — наука үлэһитэ, ол үлэтэ ураты жанрдаах суруйааччы буоларыгар олук буолбута.
- Кини, урукку саха этэринэн, «кыыс кэрэ» киһи этэ. Ураты дьикти сюжеттээх айыньылары айан хаалларбыта. Айар аатын туһунан «кытаанах уонна кылгас» диэн талбыт этэ.
- Кини «тус хоту үөскээбит буоламмын, табаны миинэммин, арыый да мадьаҕар эбиппин» диэбитэ.
- Айылҕаттан ураты кыахтаах, кыанар күүстээх буолан, кинини байыаннай оскуолаҕа үөрэттэрбиттэрэ. Онон сааһын тухары атын сиргэ олорон, үлэлээн, ол да буоллар, саха литературатын дьикти үчүгэй айымньыларынан байыппыт үтүөлээх.
- Кинини ааҕааччылара «Кутурҕан Куо» диэн ааттаабыттара. Кини «Күннээх халлаан» анныгар «Үчүгэйиэн бу сиргэ» диэбитэ.
- Бу суруйааччы айымньылара тыа сирин олоҕун, кыһалҕатын сиһилии көрдөрөллөр. Ардыгар күлүүлээх, ардыгар курус санаа аргыстаах айымньыларын элбэхтик сыанаҕа туруораллар.
- Бастаан суруйан саҕалыырыгар «Түөйэлээхэп», «Массыныыс Хабырыыс» диэн ааттана сылдьыбытын биир суруйааччы «эн олоӊхо оҕотоҕун, онон олоӊхо аатын ылыахтааххын» диэн, айар аатын уларыппыта.
- Бу кини «сайылыкка олохтоох, бандьыыттан куттаммат ыаллаах, тибиигэ муммут хамначчыт уоллаах, кулууп үлэһитэ көрдөөх уолчааннаах, «ньыламан маӊан» саахардары орон анныгар кистиир кыра уоллаах»…
Татьяна ПЕТРОВА,
Амма улууһа, Болугур