Билигин IT-технологиялар кэмнэрэ. IT тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэххэ, культураҕа, ОДЬКХ-ҕа, о.д.а. эйгэлэргэ балысханнык киирэр. Төһөнөн күннээҕи олохпутугар саҥа технологиялар киирэллэр, соччонон тыабыт сирэ сайдыа, үлэбит чэпчиэ, сыыппара көмөтүнэн аан дойдуга тахсыахпыт. IT соруга – дьон олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы.
VI өрөспүүбүлүкэтээҕи «Моя профессия – IT» куонкурус улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэҕэ Нам сэлиэнньэтин 2-с №-дээх оскуолатын киэҥ уораҕайыгар буолан ааспыта.
Күрэҕи Нам улууһун дьаһалтата СР инновацияҕа уонна цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга, үөрэх уонна наука министерстволарын, IT-салаа сайдыытын ассоциациятын, “Якутия” технопаарканы кытта тэрийэн ыыттылар. 12 оскуолаттан (улуустааҕы гимназия, Нам 1-кы, 2-ис №-дээх, Хамаҕатта, Үөдэй, Хатыҥ Арыы, I Хомустаах, Модут, Түбэ, II Хомустаах, Хатырык орто оскуолалара, Хамаҕатта саха-француз лицейэ, “КубИТ” оҕо технопаарката) 48 үөрэнээччи кытынна.
Бастакы күн спикердэр технологическай трендэр, Саха сиригэр цифровой экономика уонна инновационнай экосистема сайдыыларын тустарынан билиһиннэрдилэр. Үөрэх управлениетын специалистара идэҕэ хайысхалыыр тестэри уонна воркшоптары ыыттыллар.
Тыа сирэ туохха наадыйар эбитий?
Мин быйылгы саҥа бырайыагы айан таһаарар күрэххэ улуус улахан тэрилтэлэрэ кэлэн, сакаас оҥорбуттарын олус сөбүлүү көрдүм. “Экология”, “Комфортная среда”, “Туризм” тиэмэлэр тыырылланнар, туох кыһалҕалар баалларын билиһиннэрии кэнниттэн, эдэр айтишниктар үлэлэрэ саҕаланна.
Александр Кириллин, М.К. Аммосов аатынан СР государственнай историятын республикатааҕы музейын салайааччыта: “Биһиги музейбыт сайтын оҥорууга 3 хамаанда ылсан үлэлээтэ. Хамаҕатта оскуолатын хамаандата “Телеграмм” мессенджергэ оҥорбут роботизированнай “БОТ” диэн бырайыагынан кыайыылааҕынан таҕыста. Оҕолор айбыт сайтарын 2022 сылга СР государственноһа 100, М.К. Аммосов 125 сааһыгар анаммыт тэрээһиннэргэ туһаныахпыт. Ыччаппыт тыабыт сирэ тупсарын туһугар үлэтин олус астынным».
Николай Дьяконов, Намнааҕы государственнай экологическай надзор инспекциятын сүрүннүүр специалиһа: «Дьоҥҥо өйдөнөр судургу формалаах ураты харыстанар, бултанар сирдэри, ханнык кыыллар, үүнээйилэр баалларын билиһиннэрэр, ону сэргэ көҥүлэ суох сирдэргэ бөх тоҕуллубутун, бөх быраҕыллар сирдэрин көрдөрөр веб-сервис, эбэтэр мобильнай сыһыарыы оҥорорго сакаас түһэрбиппит. Холобурдаан эттэххэ, дьон айаннаан иһэн түргэнник буорту буолар бөхтөрүн быраҕалларын курдук гына.
Биһиги сорудахпытын 5 хамаанда ылсан үлэлээтэ. Аҕыйах кэм иһигэр толкуйданан айыллыбыт гимназия, I Хомустаах, Нам 2-с №-дээх оскуолаларын бырайыактарын чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын».
Елизавета Федорова, Нам сэлиэнньэтин 6-с №-дээх «Кыталык» оҕо сайдыытын киинин логопед-учуутала: “Биһиги көрдөһүүбүтүнэн, “КУБИТ” оҕо технопааркатын хамаандата кыра саастаах оҕолорго баһаарынай, полиция, эмп үлэһиттэрин идэлэрин билиһиннэрэр оонньуу оҥордо. Маннык куонкурустар оҕону олус сайыннараллар. Бу хамаанданы кытта салгыы үлэлэһэн, үлэбитигэр-хамнаспытыгар туһаныахпыт дии саныыбын».
Наталья Никонова, Намнааҕы бизнес-инкубатор менеджерэ: « Биһиги «Тур «Намские просторы» диэн мобильнай сыһыарыы оҥорорго сакаас түһэрбиппит. Бу бырайыакка 3 хамаанда ылсан үлэлээтэ. Бырайыак сыалынан-соругунан туристарга анаан Нам улууһун туристическай былаһааккаларын билиһиннэрэр телефоҥҥа сыһыарыы айан киллэрии этэ. Туристар ioS уонна Android платформаларга үлэлиир сыһыарыылары туһананнар сынньалаҥ баазаларын билсиэхтээхтэр. Манна геолокациялаах суол ыйынньыга, турбааза контаактара, оҥорор өҥөлөрө, сыаналара, бааза үлэлиир кэмэ, хонор дьиэни эрдэттэн сакаастырга ссыылка, хаартыскалар, сынньанааччылар комментарийдара, санаалара баар буолуохтаахтар диэн ирдэбил туруорбуппут.
Хамаандалар бары информационнай программалары билэллэрин көрдөрдүлэр, айымньылаахтык сыһыаннаһан үлэлээтилэр. Ордук Хамаҕатта саха-француз лицейин хамаандатын чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кинилэр туттарга ордук табыгастаах уонна сиппит-хоппут мобильнай сыһыарыы версиятын оҥордулар. Бу сыһыарыыны туһанан, турист чэпчэкитик уонна түргэнник наадыйар информациятын булуон сөп.
Кэнэҕэһин оҕолору кытта ыкса үлэлэһэр былааннаахпыт”.
Ким кыайыылаах таҕыста?
Бүгүҥҥү тэрээһин кыттыылаахтара бары кыайыылаахтар, хотторбут киһи диэн суох дии саныыбын. Оҕолор бары билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаттылар, бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан үлэлээтилэр.
Кыайыылааҕы, бастыҥы быһаарыы уустук буолла. Икки хонуктаах тыҥааһыннаах үлэ түмүгүнэн бириистээх миэстэлэр 2 лигэнэн таҕыстылар. Дьүккүөрдээхтик, кимиилээхтик бэйэлэрин көрдөрбүт Хамаҕатта саха-француз лицейин “GG» уонна улуустааҕы гимназия “НУГ-3” хамаандалара 1-кы үктэли ыланнар, дипломунан уонна 6 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Ыарахаттары аахсыбакка иннин диэки баран испит Хатыҥ Арыы “А-3” уонна Хамаҕатта орто оскуолаларын “Тобул” хамаандалара 2-с миэстэҕэ тиксэннэр, дипломунан уонна 3 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан бэлиэтэннилэр. 3-с миэстэҕэ тахсыбыт Үөдэй орто оскуолатын “IТ ESOSH” уонна улуустааҕы гимназия “Намбус -2000” хамаандалара диплом уонн 1,5 тыһ. солк. суумалаах сертификат туттулар.
Улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэх финалистара — Хатыҥ Арыы, ХСФЛ, улуустааҕы гимназия хамаандалара ыам ыйыгар республикатааҕы конкурска Нам улууһун чиэһин көмүскүөхтэрэ. Кыайыылаахтар республикатааҕы “Акселерация школьных проектов, идей” пилотнай бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэлэһиэхтэрэ. Кинилэр сайын Дьокуускайга ыҥырылланнар, бырайыактарын салгыы сайыннарыахтара. Бу күһүн гран конкурсугар кыттыахтара.
“Лучший разработчик” анал ааты ХСФЛ үөрэнээччитэ Остап Чичигинаров уонна
Хамаҕатта оскуолатын үөрэнээччитэ Айсен Кривошапкин; “Лучший дизайнер” номинацияны ХСФЛ-тан Иннокентий Куличкин уонна Үөдэй орто оскуолатыттан Андрей Варламов ыллылар.
“Лучший менеджер” номинация Хамаҕатта орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Герман Колесовка уонна Хатыҥ Арыы оскуолатын үөрэнээччитэ Дима Аргуновка ананна. Дима разработчига ыалдьан, бырайыактарын тиһэҕэр тиэрдиигэ ыарахаттары көрсүбүттэрин да иһин, дьоһуннаахтык дьаһанан, чахчы да интэриэһинэй үлэни оҥорон таһаарда. Кини наставниктар сүбэлэрин тутатына ылынан, сорудахтарын тиһэҕэр тиэрдэн, дьиҥнээх салайааччы буоларын дакаастаабытын тэрийээччилэр ойуччу тутан бэлиэтээтилэр.
Тустаах толкуйбутун олоххо киллэрээри
Дима Аргунов, Хатыҥ Арыы оскуолатын хамаандатын менеджерэ: “Нам улууһун 3 турбаазатын көрдөрөр “Тур.Ykt” диэн мобильнай сыһыарыыбытын дьүүллүүр сүбэ биһирээтэ. Разработчикпыт ыалдьан хаалан, ыарахаттары көрсө сырыттыбыт. Кэлэр өттүгэр сыһыарыыбыт функциятын элбэтиэхпит. Салгыы республикабыт бары турбаазаларын киллэрэр былаанннаахпыт. Дизайнерым Христофорова Нина карта, интерфейсы, персонажпытын уруһуйдаата. Мин салайдым уонна презентация оҥордум, дьоммор саҥа санаа биэрэн көмөлөстүм. Разработчигым Максим Павлов “СИСИ плюс” программанан үлэлээтэ. Плеймаркетка, Эплсто-ҕа таһаарбыт киһи диэн баҕа санаалааахпыт. Өскөтүн биһиги бырайыакпыт олоххо киирдэҕинэ, омук дьоно Нам улууһун кытта билсэр кыахтаныахтара. ”.
Остап Чичигинаров, ХСФЛ хамаандатын: “Хакатоҥҥа 7-с кылаастан саҕалаан күрэхтэһэбин. Программированиенан 4-с сылбын Владлен Николаевич Москвитиҥҥа дьарыктанабын. Биһиги туристарга аналлаах “Намские просторы” диэн сайт оҥордубут. Турбаазалар тустарынан информациялары уктубут, хайдах тиийэр маршруту тылынан суруйдубут. 2ГИС карта оҥоруохпут. Турист сынньанар дьиэни эрдэ сакаастыан сөп. Туох дьиэ-уот, сынньалаҥ баара, өҥөлөр сыаналара ыйылла сылдьаллар.
Турбаазаны кытта дуогабар оҥорсон үлэлиэхпит. Кинилэр бастаан биһигини рекламалыылларын, онтон биһиги кинилэр үлэлэрин сырдатар курдук кэпсэтиэхпит. Сүрүн дохуоппутун комиссияттан, рекламаттан ылыахтаахпыт. Нам улууһугар 9 турбааза баарыттан, “Таҥхай”, “Кэҥкэмэ”, “Песчаная гора” тустарынанн иһитиннэриилэри киллэрдибит. Кэлэр өттүгэр омук тылынан тылбаас оҥорор, телефоҥҥа сыһыарыы айар былааннаахпыт.
Бастакы сылбар номинацияҕа тиксибитим, былырыын бастаабыппыт. Атын сайтары көрөн, майгыннатан оҥордубут. Кэлэр өттүгэр харчы эргийиитэ мобильнай телефонунан барыаҕа. ИП тэринэр баҕа санаалаахпын”.
1 Хомустаах оскуолатын EVA (Erchim, Viktoria, Alexey) хамаандата. Салайааччы Соловьева М.В, информатика учуутала ыйытыыбар бу курдук кэпсээтэ: «Манна 9 кылаас уорэнээччилэрэ : Иванов Алексей – менеджер, Баишева Виктория – дизайнер, Новгородов Эрчим — разработчик- программист быһыытынан күөн күрэскэ тургутунан көрдүлэр. Кинилэр «Эко-кейс» хайысхаҕа «Нам – с NamMap» диэн девизтээх, Нам улууһун сайта буоларын биллэрэр туспа бэлиэлээх логотиптаах, төрөөбүт улууспут картата, ханна бөҕү хомуйар пууннар баалларын, Кыһыл кинигэҕэ киирбит сэдэх үүнээйилэри, кыыллары сырдатар, харыстанар сирдэри ыйар, саас-сайын кутталлаах быһыыга-майгыга (халаан уутун, тыа баһаарын) сыһыаннаах информация мунньуллар Веб-сайт оҥорбуттар. Бу кэскиллээх хайысха буоларын оҕолор өйдөрүнэн-санааларынан ылыммыт буоланнар, дьоһуннаахтык үлэлээтилэр. Өссө сайдан иһиэхтэрэ, бу тэрээһин кэнниттэн элбэх санаа киирбит буолуохтаах». Оттон оҕолор тугу кэпсииллэр?
Менеджер: «Кэмигэр чек-пойнт лииһи толорон, гугл-диискэҕэ тугу улэлээбиттэрин ыытан испитим. Бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэр курдук улэлээбиппит. 2 ГИС сыһыарыы баар буолан, улэбит хоһулаһар курдук диэн дьууллуур субэ бэлиэтээбитэ. Ол эрээри, санаабытын түһэрбэппит, өссө сайыннарар баҕалаахпыт.»
Дизайнер: «Адоб Иллюстратор” программаны туһаммытым. Бэйэм “ВорлдСкиллс” улуустааҕы курэх «Цифровой модельер” компетенция кыайыылааҕабын (сал.Соловьева В.В), ол иһин ыарахаттары көрсүбэтим.»
Разработчик-программист: “Мин эппиэтинэспэр сайт тутулун чочуйуу, наардааһын, сирэйдэрин барытын ситимнээн код суруйуута киирэр. Инникитин ыарахантан чаҕыйбакка, улэлиир баҕалаахпын.”
IT-технологиялар тыа сирин сайыннарыахтара
3 күн устата өй-санаа күүстээх үлэтэ барда. Мин бэлиэтии көрбүппүнэн, улуустааҕы гимназия, Хамаҕатта саха-француз лицейэ, Хамаҕатта, Хатыҥ Арыы, Нам 2-с №-дээх орто оскуолаларын хамаандалара ордук бэлэмнээхтэрэ көһүннэ. Кинилэр хас да сыл дьүккүөрдээхтик дьарыктананнар ситиһиилэннилэр. Наставниктар сүбэлэрин тутатына ылынан, ону дириҥэтэн, айымньылаахтык үлэлээбит хамаандалар үлэлэрэ таһаарыылаах буолла. Кылгас кэм иһигэр тыа сирин сайдыытыгар туһуламмыт, кэскиллээх цифровой бородуукталары айдылар.
Нам улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт, IT-технологиялар көмөлөрүнэн тыа сирин олоҕун сайыннарыыга бэйэлэрин суолларын-иистэрин булуммут СР ITсалаа сайдыытын ассоциациятын председателэ Мичил Стручков, Нам улуустааҕы гимназия бастыҥ выпускнига, Дьокуускайдааҕы “Студия разработки IT Kitchen” компания салайааччыта Петр Васильев 2 күн устата оҕолорго элбэх сүбэлэриамалары биэрдилэр.
Тыа сирин кыһалҕатын быһаарар олус туһалаах, аан дойдуга тахсар ааннаах электроннай бородуукта оҥоруутугар таһаарыылаах үлэ барда. Интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүү, программирование уонна IT-бизнес эйгэтигэр алтыһыы элбэххэ үөрэттэ.
IT-эйгэ түргэнник сайдар. Онуоха оҕону кыра эрдэҕиттэн саҥа технологияларга хайысхалыыр конкурстар ыытыллаллара кэрэхсэбиллээх. Нам улууһун IT- сообществота инникилээҕэ көһүннэ. Быйылгы конкурска улууска 20-тэн тахса оскуола баарыттан, 12 үөрэх кыһата кэлбит. Кэлэр өттүгэр кыттааччы ахсаана элбиирэ, маннык конкурстар сылга 2-тэ бараллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Киһи баар – айар-тутар дьоҕурдаах, саҥаны,кэрэни толкуйдаан таһаарар мэйиилээх. Оттон компьютер бэриллибит — суруллубут программанан улэлиир. Ким ол программаны суруйар? Киһи! «Булугас өй-аан дойдуга саамай сыаналаах» (Идея – это самый дорогой товар в мире), «Сыыспат киһи кыайбат» (Успех строится на неудачах) диэн туран, иннибит диэки баран иһиэххэ. Тыабыт сирин сайдыыта – ыччат (биһиги) илиибитигэр.
Иванна ПЕТРОВА,
Нам улууhyн Д.Ф.Алексеев аатынан I Хомустаах орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээчччитэ
Привет! Это комментарий.
Чтобы начать модерировать, редактировать и удалять комментарии, перейдите на экран «Комментарии» в консоли.
Аватары авторов комментариев загружаются с сервиса Gravatar.