Быйылгы 2020 -2021 үөрэх сылыгар С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын үөрэнээччитэ Филиппова Даша литература биир кэлим эксээмэнигэр 100 баалы, нуучча тылыгар 94 баалы ылары ситистэ. Учуутала Романова Люсция Иннокентьевна. ХИФУ сылын аайы выпускниктарга ыытар олимпиадатыгар Даша «филология» диэн хайысхаҕа призер буолан нуучча тылын эксээмэнэ РФ бары үрдүк үөрэхтэригэр 100 баалга тэҥнэнэр.
Кини кыра эрдэҕиттэн кинигэ ааҕарын туохтааҕар да ордорор. Онон олус билиилээх, дириҥ толкуйдаах, киэҥ көрүүлээх үөрэнээччи. Оскуола сылларын тухары үгүс элбэх олимпиада, НПК, айар куонкурустар кыайыылаахтара. 2020 сылга «Большая перемена» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус полуфиналиһа.
— Даша, бэйэҥ туһунан кылгастык кэпсээ эрэ.
— Мин Чурапчы гимназиятын выпускницатабын. Оскуолаҕа сөбүлүүр уруоктарым төрөөбүт уонна нуучча литературата, омук тыла, физкультура. Кыра эрдэхпиттэн ааҕарбын сөбүлүүбүн. Спордунан, үҥкүүнэн дьарыктанабын.
— Тоҕо литература эксээмэнин таллыҥ?
— Литература мин баҕарар үөрэхпэр киирэрбэр наада, 9-ус кылааска СГЭ туттарбытым бу предмеккэ, ол онно учууталым биэрбит базата баара уонна сөбүлүүр предметим, ол иһин бу эксээмэни талбытым.
-Биир кэлим эксээмэҥҥэ хайдах бэлэмнэнниҥ?
— Эксээмэннэрбэр оскуолаҕа, дьиэбэр бэлэмнэммитим. Бириэмэбин үчүгэйдик аттара, былааннана сатыыр этим. Олус күүскэ экээмэнинэн эрэ улүһүйбэккэ, чүгас дьоннорбор уонна бэйэм сынньалаҥмар бириэмэ хаалларар этим. Эксээмэннэр чугаһаабыттарын кэннэ төрөппүттэрим миэхэ сөптөөх усулуобуйа тэрийбиттэрэ олус туһалаабыта.
— Литература биир кэлим эксээмэнин туһунан тус санаан?
— БКЭ, мин санаабар, хас биирдии үөрэнээччигэ эбии үлэ бөҕө биэрэр. Оҕо дисциплинатын, төһө эппиэтинэстээҕин көрдөрөр. БКЭ-га бэлэмнэнии туттарар предметтэргэр тирэх биэрэр дии санаатым, үөрэппиккин өйдөөн хаалаҕын. Ол эрэн БКЭ форматын соччо биһирээбэтим, үөрэнээччи сэниэтин, күүһүн-сэниэтин ылар аҕай.
9-ус кылаастан өйтөн суруйууга үчүгэй этим. 11 кылааска үгүс айымньылары, хоһооннору барытын билиэххэ, үөрэтиэххэ наада, өссө өйтөн суруйарга, айымньыны ырытарга үөрүйэхтээх буолуохтааххын. Ол иһин мин бэлэмнэниим тухары наар билбэт айымньыларбын ааҕан тахсар этим. Ону тэҥэ кириитикэни, ырытыылары үөрэппитим. Учуутал үөрэтиитинэн эрэ муҥурдаммакка, интернет оскуолаҕа суруттарбытым. Үрдүк баалга туттарарга кырдьыктыы астынан, интэриэһиргээн үөрэниэххэ наада.
— Эксээмэҥҥэ бэлэмнэниигэ туох ыараххаттары көрүстүҥ?
— Бэлэмнэнии кэмигэр бириэмэни сөпкө аттарарга үөрэнним уонна киһи баҕалаах буоллаҕына бириэмэ элбэххэ тиийиэн сөп эбит диэн өйдөөтум. Өссө элбэх эбии матырыйаал чопчулана илик эбит, онон олох сөптөөх сиртэн ылан үөрэтиэххэ наада. Экспертары кытта бэлэмниир учууталлар кэпсэтэллэрэ, сүбэлэттэрэллэрэ оруннаах эбит.
— Литература эксээмэнин туттарар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Литератураҕа БКЭ туттарар оҕолорго сүбэлиэм этэ: оскуола, учуутал эрэ уруоктарынан буолбакка, бэйэҥ үчүгэйдик, дириҥник бэлэмнэниэххин наада. Туох эрэ интэриэстээх буоллаххына ону тохтоппокко, бырахпакка, бириэмэ булан аралдьыйар, сэргэхсийэр олус наада. Бэлэмнэнии кэмигэр сынньалан эмиэ суолталаах. Ол эрэн барыта олүс индивидуальнай. Сорох оҕолор туох баар бириэмэлэрин барытын бэлэмнэниигэ уураллар, оттон сорохтор сэргэхсийэллэрэ олус наада. Күннээҕи режим тутуһуу эмиэ оҕоттон тутулуктаах. Ол эрэн үчүгэйдик утуйар, аһыыр эмиэ суолталаах. Чугас дьонуҥ итэҕэлэ, өйөөһүнэ эмиэ оруолу оонньуур. Эһиил литератураны туттараары сылдьар оҕолорго этиэм этэ: бу сайын улахан романнары, сэһэннэри, хоһооннору ааҕан саҕалыыр олус туһалыа этэ.
Сайаана МЕСТНИКОВА, Чурапчы