Олоҥхобутугар түмүллүбүт норуот өркөн өйө, мындыр толкуйа, сырдык, эйэлээх олоххо тардыһар баҕата кырачаан киһибит, улаатар оҕобут, ыччаппыт,  үтүө-мөкү, айыы-аньыы диэн араара үөрэнэригэр биир төһүү күүс-көмө буолара саарбахтаммат. Дэлэҕэ даҕаны, улуу айымньыбыт түҥ быдан дьыллар улаҕаларыттан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ харысхаллаахтык бэриллэн бүгүҥҥү күҥҥэ, биһиэхэ, тиийэн кэлиэ дуо?!

Олоҥхобутугар сөҥөн сытар норуот бу духуобунай баайын тиэрдиигэ, бастатан туран, үөрэх тэрилтэлэрэ, учуутал, иитээччи дьоммут ылаллар. Билигин саха оскуолатыгар үөрэх саҥа ыстандаартын ирдэбилинэн оҥоһуллубут «Төрөөбүт литература» 1-11 кылаастарга үөрэх бырагыраамаларыгар кылаас аайы олоҥхону үөрэтии тиһигэ олохтонон, бары учуутал ылсан, билиилэрин, сатабылларын уураллар, үөрэтии сонун ньымаларын баһылаан туһаналлар. Иккиһинэн, олоҥхону сөргүтүүгэ тутаах дьоммут, үгэс буолбут ньыманан толорууга үүнэр көлүөнэни уһуйааччы маастар-педагогтарбыт киллэрэр кылааттара сүҥкэн. Саҥаттан саҥа эдэр толорооччу үүнэн-сайдан тахсан эрэрин өрөспүүбүлүкэ, кини тас өттүгэр араас таһымнаах тэрээһиҥҥэ кыттааччы ахсаана элбиирэ, ситиһиилээх буолуута туоһулуур. Бүгүн уһуйааччы кэккэтэ сыыйа хаҥыыр суолга киирэн эрэрэ үөрдэр.

Бу дьыл ахсынньы 2 күнүгэр учуутал уонна уһуйааччы хардарыта ситимнээхтик үлэлииллэригэр туһаайыллыбыт Олоҥхо тыйаатырын иһинэн Научнай-методическай үлэҕэ уонна тас сибээскэ Олоҥхо Киинэ, С.Н. Донской-II аатынан  Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт “Филология” кафедрата тэрийиилэринэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-методическай сэминээр куйаар ситиминэн буолан ааста. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан: Амматтан, Горнайтан, Ленскэйтэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Сунтаартан, Уус Алдантан, Үөһээ Бүлүүттэн, Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан начаалынай кылаас, саха тылын уонна литературатын, Саха сирин норуоттарын култууратын учууталлара, уһуйааччылар, эбии үөрэхтээһин педагога барыта 52 киһи кыттыыны ылла.

Сэминээри Олоҥхо Киинин салайааччыта, ф.н.к. А.Е. Захарова киирии тылынан аста, кини сүрүн сыалбытынан олоҥхону бэйэлэрэ толорор, айар дьон баар буолуохтарын баҕарабыт диэн туран, чуолаан олоҥхону уруокка үөрэтэр учууталга, толорууга уһуйар маастар-педагогка анаан олоҥхоҕо тыл тэтиминэн сэһэргээһини (речитативы) сөпкө үөрэтии олоҥхо тылын күүһүн ылыныыга суолтатыгар чопчу тохтоон, туһалаах санаалары эттэ. Үнүстүүт ст. преподавателэ Ф.В. Ядрихинская учуутал иитэр-үөрэтэр үлэтин хаачыстыбатын үрдэтэргэ маннык сэминээри ыытан, үөрэнээччи, уһуйааччы, учуутал хардарыта үлэлэрэ үөрэтии ис хоһоонун байытыан, үөрэтэр эйгэ кыаҕын кэҥэтиэн бу хамсааһын ситэрэрин-хоторорун эттэ. Олоҥхо Киинин сүрүннүүр үлэһитэ З.Г. Сысолятина, өрөспүүбүлүкэҕэ “Ийэ кут” уһуйааччылар түмсүүлэрин туһунан, олоҥхону толоруу киһилии киһини иитиигэ улахан суолталааҕын, ону уһун сылларга олоҥхонон дьарыгырбыт оҕолору кэтээн көрүү түмүгэ бигэргэтэрин, бастыҥ уһуйааччы уопутун наардаан тарҕатыыга үлэ утумнаахтык ыытылларын сэһэргээтэ. У.М. Флегонтова ыытыллар тэрээһин чэрчитинэн учууталларга ыыппыт чинчийиитин билиһиннэрдэ, ол түмүгүнэн Хаҥалас, Сунтаар, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Амма улуустарыттан кыттыбыт учууталлар 100% уруокка олоҥхону үөрэтэргэ истиини аудио-, видео устуу нөҥүө тэрийэллэрин,  28% учуутал уһуйааччыны кытта бииргэ үлэлииллэрин эппитин тириэрдэн, бу хайысханан бииргэ үлэлээһин салгыы барыан, уһуйааччыга көмө “Олоҥхону үөрэтиигэ ыйынньыгын” билиһиннэрдэ, олоҥхону бэйэ ааҕан ылынарынааҕар, истиитэ ордук үтүө дьайыылааҕын, олоҥхону сирэй толоруу, ол иһигэр биир саастыылаҕа толоруута үөрэтии көдьүүстээх ньымата буолуон бэлиэтээтэ.

Сэминээр сүрүн чааһыгар бу хайысханан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар дьоммут санааларын үллэһиннилэр. Амма улууһуттан Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала С.А. Неустроева, уһуйааччы А.Д. Соловьева «Олоҥхону үөрэтии уонна толорорго уһуйуу ситимэ»; Ньурбаттан — Н.Н. Чусовской аат. Антоновка орто оскуолатын учууталлара А.К. Николаева «Сибээстээх үлэбит түмүктэрэ», Л.И. Семенова «Саха норуотун уус-уран айымньыларынан оҕолор тылларын сайыннарыы», В.К. Васильев «Литература уруогар үөрэнээччилэр олоҥхону ылыныыларын дириҥэтии биир көрүҥэ», уһуйааччы Т.Ф. Федорова «Уол оҕону олоҥхоҕо уһуйуу уустуктара»; Мэҥэ Хаҥаластан — акад. В.П. Ларионов аат. Майатааҕы биирдиилээн биридимиэти дириҥэтэн үөрэтэр орто оскуола учуутала В.Ф. Кривошапкина, уһуйааччы У.М. Ефремова «Оҕону олоҥхоҕо сыһыарыы»; Нам улууһуттан саха тылын уонна литературатын учуутала Л.Д. Данилова «Олоҥхо быыһын ис дьиҥин сэгэтэн көрдөххө», уһуйааччы Е.К. Маркова «Төрөөбүт литература уруогар олоҥхону ылыныыга көмө»; Дьокуускай куораттан педагог-маастар Н.И. Мордовская «Оҕо уонна олоҥхо» диэн тиэмэлэринэн үлэлэрин уопутун атастастылар.

Кинилэр бу сылларга учуутал уонна уһуйааччы буолан бииргэ үлэлээн,  уруокка олоҥхо ис номоҕун ылыныыга толоруу уонна истэ үөрэнии суолталааҕын, фольклор бары көрүҥүн тиэрдиигэ, төрөөбүт тыл баайын иҥэриигэ, өйдөтүүгэ туһатын о.д.а. түгэннэри тоһоҕолоотулар, ону тэҥэ салгыы уруок таһынан дьарыктарга учуутал, кылаас салайааччыта уонна уһуйааччы бииргэ үлэлээн, оҕо таба тыыныыттан саҕалаан, сайдыы бары таһымын ылынарын, сахалыы дьоһун-мааны майгыны иҥэриигэ түмүктэр баалларын кэтээн көрүү туоһулуурун, толоруу сатабылын иҥэрэргэ түөлбэ олоҥхо уратытын тиэрдии, оҕо ыалга баран олоҥхолооһуна, олоҥхо тула эдэр учууталларга түмсүү тэриллибитин курдук туһанар үгүс ньыманы, ыытар  үлэни кэпсээн, устубут дьарыктарын көрдөрөн, олоҥхо үөрэҕинэн сирдэтэн иннибит диэки дьулуһуубутугар сырдык кыымы ыстылар. Манна даҕатан эттэххэ, оскуолаҕа уруок таһынан көрүллэр чааһынан (ВУД) Амма Сулҕаччытыгар, Дьокуускай 7№-дээх оскуолатыгар култуура исписэлииһэ, учуутал олоҥхоҕо дьарыгы ыытыыларын үтүө холобура олохтоммутун бэлиэтиир наадалаах.

Бу курдук кыттыыны ылбыт дьоммут уоппуттара “учуутал-уһуйааччы” ситим кэскиллээҕин, үөрэх-култуура биир эйгэ буолан киллэрэр кылааттара көдьүүстээҕин үлэ холобурунан тириэртилэр. Сэминээр матырыйаалын түмэн босуобуйа оҥоруу, улуустарга  “учуутал-уһуйааччы” ютуб-ханаалы арыйан, матырыйаалы мунньан иһии, олоҥхону үөрэтии көмөтүнэн оҕо сайдыытын кэтээн көрүү, о.д.а. соруктар салгыы туруорулуннулар.  Киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэлэрин биир чулуу айымньытынан билиниллибит улуу олоҥхобут бука барыбытын айымньылаах, кэскиллээх үлэҕэ түмэ туруохтун.

Ульяна ФЛЕГОНТОВА,
научнай-методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо Киинин исписэлииһэ,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *