Билигин аныгы технология, «сыыппараҕа» киирии, информатизация сайдан, үөрэҕирии тыын суолталаммыт кэмигэр ,үөрэх , билии -көрүү таһыма киһи олоххо ситиһиитин сүрүн төрүөтүнэн буолар. Ол да иһин биһигини, оскуоланы  бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнээччилэри, «ким-туох буолуохха?», «дойдубутугар хайдах туһалыахха?» диэн ыйытыктар үүйэ -хаайа туталлар. Онуоха бастакы эппиэттээх хардыыбытыгар, олоххо тирээн турар суолталаах быһаарыныыбытыгар сүбэ-ама, көмө-тирэх буолар киһибит — учуутал.

Д.Ф. Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто оскуолатын үбүлүѳйдээх 135 сылыгар бэрт сэргэх, туһалаах уонна сонун ааттаах тэрээһин — Иитиллибит иэс күнэ  (День дарения родной школе )  ыытылынна. Ытык иэс — дириҥ суолталаах тыл. Ким да кэспэтин, тумнубатын курдук олус дьоһуннаах , улуу суолталаах диэн өйдөбүллээх .Сахаҕа «иитиллэр иэстээх» диэн төрүт өйдөбүл баар. «Сурахтаах дойдугун, ааттаах алааскын» — биһиккин истиҥник таптаа, иитиллибит иэстээххин өйдөө диэн. Үөрэммит оскуолабар, үөрэппит учууталларбар сыһыаран эттэхпинэ, мин санаабар, учууталларыҥ эн киһи, үлэһит буоларгар олук охсоллор , ону эн сыаналаа диэн.

Бастакы Хомустаах оскуолатыгар  үөрэҕирии бигэ акылаатын уурсубут учууталларга: А.Я. Семенова, Ф.Я. Федотова, М.А. Соловьева, Г.В. уонна Н.Х Гороховтар, Г.Г. Алексеева, Ф.И. Новгородов, А.Н. уонна С.Н. Тимофеевтар, Г.А. Лазарев онтон да атыттарга үгүс көлүөнэ ыччата үөрэммит дьоллоохтор. Оскуолабыт выпускниктарыттан улахан таһымнаах салайааччылар үүнэн тахсыбыттара,ол курдук ааттыыбыт СР Ил Түмэн -Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин Тимофеев Нь.С. Ону таһынан, улуус историятын аныгы кэмигэр «улуус баһылыга»  диэн дуоһунас баар буолуоҕуттан,бу күҥҥэ диэри 7 киһи ити үлэҕэ талыллан үлэлээбит буоллахтарына, бастакы баһылык-Алексеев Д.Ф(ананыы), уһун кэмҥэ «Нас» сопхуос дириэктэринэн үлэлээбит, 1 Хомустаахха сааһын тухары олорбут биир дойдулаахпыт, онтон араас сылларга үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар 4 баһылык — Ядреев А.Н, Корякин Д.П, Атласов А.П, Слепцов Ю.И. — оскуолабыт выпускниктара. Онон киэн туттабыт уонна үлэ, олох үөрэҕин биһиги оскуолабыт бэйэтин үөрэнээччилэригэр дириҥник иҥэрбитин туоһутун быһыытынан сыаналыыбыт.

Директор У.П. Атласова  көрсүһүүбүт саҕаланыытыгар биһиэхэ, үөрэнээччилэргэ,  туһаайан,  бу кэпсэтии хас биирдии киһи олоххо бэйэтин миэстэтин булунарыгар, онно ханнык хаачыстыбалар ирдэнэллэригэр, оскуолаҕа ылбыт билии, сатабыл инники олоххо туһалааҕын эттэ. Үөрүүлээх түһүлгэҕэ  түмсэр үгэспитинэн,  ыалдьыттар, учууталлар уонна үѳрэнээччилэр,  саха киһитин сиэринэн ,  сандалы тула олорон , чэй иһэ-иһэ иһирэхтик,  дуоһуйа, астына кэпсэттибит. Идэни талыыга , олоххо суол төрдүн булларыыга  санааларын үллэстэн кэпсэтиигэ кытыннылар оскуолабыт выпускниктара : улуус баһылыга Ю.И.Слепцов, улуус администрациятын араас салааларын салайааччылара, специалистара Ф.В. Николаев, П.П. Окоемов, С.С. Белолюбскай, Н.Р. Колмогорова, П.Л. Обутов. Ульяна Павловна: «Оскуолаҕа ѳйдѳѳн хаалбыт чаҕылхай түгэниҥ?» — диэн блиц- ыйытыгар С.С. Белолюбскай: ««Велос» куруһуогар дьарыктанан Тааттаҕа тиийэ бара сылдьыбыппыт. Кэлин, оннооҕор массыынанан айаннаан баран, хайдах манна велосипедынан тиийбиппит буолла диэн сѳхпүтүм. Наар волонтер, тимуровскай үлэҕэ үлэлиирбитин ѳйдѳѳн хаалбыппын. Оҕолоор, кытаатыҥ, телефоҥҥа, гаджекка олорумаҥ! Олох диэн наһаа интэриэһинэй! Табаарыстардыын алтыһыҥ — кэпсэтиҥ, элбэхтик таһырдьа сылдьан хамсаныҥ- имсэниҥ, общественнай үлэҕэ кѳхтѳѳхтүк кыттыҥ!» — диэн киһи сүргэтэ кѳтѳҕүллэр гына эттэ. Оттон Юрий Иннокентьевич киһи олоҕун устата оскуолаҕа ылбыт билиитэ ханна баҕар, хаһан баҕар туһалыырын биир түгэҥҥэ олоҕуран кэпсээтэ: «Устудьуоннуу сылдьан нуучча тылыгар хонтуруолунай үлэбин учууталым бэрэбиэркэлээн баран «ханнык оскуолаҕа үѳрэммиккиний, ким үѳрэппитэй, нуучча тылыгар дьоҕурдаах эбиккин диэн хайҕаан турар».

Бу үбүлүѳйдээх сылга иитиллибит, үөрэммит оскуолаҕа, сырдыкка-кэрэҕэ уһуйбут учууталларыгар сүгүрүйэ  кэлбит ыалдьыттарбыт оскуолатааҕы оҕо  саастарын ахтан , санааларын үллэстэн , сүбэ -соргу тылларын этэн,  махталлаах буолуу холобурун көрдөрдүлэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.

Оскуолабыт — тѳлкѳбүт түһэ, олохпут оҥкула, кэскилбит кыһата. Махтаныаҕыҥ, учууталга, кэскилгэ сирдээччигэ, үүнэр үгүс кѳлүѳнэ ыччаты аартыктаабыккар, суолун — ииһин тобулбуккар уонна олох сүнньүн булларбыккар!

Аэлита СТРУЧКОВА,
Нам улууьун 1 Хомустаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *