Учуутал идэтигэр уһуйуллуу үйэҥ тухары барар. Педагогика наука быһыытынан ыйыытыгар –кэрдиитигэр дьиҥ олоххо билиини иҥэрэр туһугар туруулаһа сылдьааччылары кытта тэҥҥэ үлэлээһин элбэҕи эбэр. Учуутал буолан үүнэрбэр олоххо мындыр көрүүлээх, идэтигэр бэриниилээх, бэйэтэ да билбэтинэн элбэххэ үөрэппит  киһибинэн Яна Никитична Докторованы ааттыыбын.

Дьокуускай куорат биир улахан, элбэх оҕолоох оскуолатыгар үлэлии киирэрбэр Яна Никитична опыттаах, аҕа саастаах учуутал этэ. Нууччалыы тыллаах тыһыынчанан оҕолоох оскуолаҕа параллельга биирдии саха кылааһа баар буолааччы. Ол саха кылаастарыгар үгэс курдук Яна Никитична үлэлиир этэ. Оҕолорго истиҥ сыһыаннааҕа, хас биирдии уруогар үөрэ-көтө киирэрэ, онтон дуоһуйуу ылара харахха быраҕыллара. Биир уратытынан өбүгэттэн кэлбит мындырынан саха тылын баайын туһанан мэниктэрин дьиибэлээн буойталыыра, ол оҕоҕо ордук дьайыылааҕа көстөрө.

Оччолорго биһиги оскуолабыт ДЮСШны кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиирэ. Сыл ахсын Сахабыт сирин араас муннуктарыттан спортсменнар үөрэнэ кэлэллэрэ. Дойдуларыттан-дьонноруттан тэйэн ыраах олороллоро, режимнара хара сарсыардаттан киэһэ буолуор диэри дьарык, быыһыгар эрэ үөрэх курдук этэ. Сорохтор спортка, үөрэххэ тэҥинэн  чаҕылхайдара, ол эрэн үгүс өртө аҥардас спорду эрэ өрө тутан үөрэхтэрин олуктара быстар мөлтөх буолан биһиэхэ, үөрэтэр дьоҥҥо,  эбии харгыстары үөскэтээччи.Аны сорох оҕолорорбут ыйы-ыйдаан сбордана, күрэхтэһэ аттаналлара. Барахсаттарбыт кырдьык-хордьук учебниктарын соһон бараллара да иллэҥ булан дьарыктанааччы аҕыйаҕа.  Ол иһин спортсмен оҕолорго олус уустук этэ. Яна Никитична тыа оҕолорун кытта биир тыл була охсон, сорохторун күүркэтэн, сорохторун дьарыйан үөрэх тэтимигэр киллэрэн, уустук ЕГЭ туттарарга утумнахтык дьарыктаан  экзаменнарын бары этэҥҥэ туттаран ситии-хотуу аттестатын ылылларыгар улахан төһүү күүс буолара.

Яна Никитична СГУтын 1971 сыллаахха нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин баһылаан  үлэтин Лиэнскэй Чаппандатыгар саҕалаабыта. Онтон уһун кэмҥэ дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ нуучча тылыгар такайбыта, араас кружокка оҕолору ситиһиилээхтик дьарыктаабыта. Ол курдук кини салайар “Бараховец” телестудията  улуус үрдүнэн ыытыллыбыт күрэххэ “Лучшая телевизионная программа года” номинация кыайыылаахтара буолан кыайыы өрөгөйүн билбиттэрэ. Яна Никитична таһаарыылаах, күүрүүлээх үлэтэ 1999 сыллаахха “Медаль Академии Российской словесности” бэлиэтэммитэ.

Онтон 1999 сыл балаҕан ыйыттан 2010 сыллаахха диэри Дьокуускай куорат 31-с оскуолатыгар үлэлээбитэ, кэккэ саха кылаастарын айдааннаах ЕГЭ-лэрин ситиһиилээхтик ааһалларыгар турууласпыта. Кэлиҥҥи сылларга оскуола библиотекатыгар дьаныһан туран улэлээбитэ. 2000 тахса оҕолоох оскуола үтүмэн элбэх учебниктааҕын барытын көрүөх-истиэх, бэрээдэктиэх диэтэххэ манан аҕай үлэ буолбатаҕа биллэр. Үйэтин тухары хорутан үлэлииргэ үөрэммит киһи манна даҕаны кружок тэринэ охсубута. “Юный библиотекарь“ диэн кружокка оҕолору кинигэни харыстыырга такайбыта. Бу оҕолор учебниктар туруктарын көрөргө, иэстээхтэри кытта өйдөтөр үлэ ыытарга көмөлөһөллөрө, кинигэ нэдиэлэтин үрдүк тэрээһиннхтик ыыталлара, спектакль туруораллара, поисковай үлэҕа сыраласпыттара. Аҕа дойдуну көмүскүүр кырыктаах сэрииттэн эргиллибэтэх бырааттыы буойуттар тустарынан “Неугасимое пламя братьев” диэн сборник таһааттарбыттара.

Билигин Яна Никитична оҕолорун, сиэннэрин кытары нус бааччы олорор. Бу самаан сайын куйааһа сатыылаан кэлэн турар күннэригэр 75 сааһын томточчу туолбутунан бүтүн 31 оскуола аатыттан итиитик-истинник эҕэрдэлиибин. Баҕарабын чэгиэн-чэбдик туругу, оголорун –ыччаттарын этэҥҥэ сылдьан эйиэхэ бигэ тирэх буоллуннар, үөрэппит оҕолорун махталлара олоххун үөруунэн толордун.

Мотрена КОРКИНА,
Дьокуускай куорат 31-с оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *