Ньурба улууһун  Чуукаар нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ урут-уруккуттан историяларын харыстаан, ыччакка кэрэхсэбиллээхтик кэпсииллэр. Россияҕа Педагог уонна наставник, Саха сиригэр Үлэ сылларын арыйыыга анаммыт тэрээһин оскуолаҕа буолла. Тэрээһин математика учуутала Афанасий Афанасьевич Григорьев аатын үйэтитэр сыаллаах тэрилиннэ.

Чуукаар оскуолата Ньурба оройуонун научнай-техническэй, педагогическай, культурнай сайдыытыгар улахан оруоллаах биир кырдьаҕас үөрэх тэрилтэтэ буолар.

Хас биирдии киһи олоҕо тус-туһунан уратылааҕын курдук, хас биирдии оскуола бэйэтэ туһунан историялаах. Кини историятын үлэлээбит сылларын тухары сырдыкка, үйэлээххэ, билиигэ-көрүүгэ уһуйбут үгүс элбэх үөрэнээччилэрэ, манна үлэлээн ааспыт, үлэлии сылдьар учууталлара, онтон да атын үлэһиттэр оҥороллор.

Афанасий Афанасьевич ыччат дьоҥҥо сүбэтинэн-аматынан, көхтөөх олоҕунан, истиҥ санаатынан холобур буолар.

Оскуолабыт дириэктэрэ Июлия Илларионовна Федорова Россияҕа педагог уонна наставник, Саха сиригэр Үлэ сылларын тэрээһиннэрэ саҕаламмыттарын биллэрдэ. Кэмигэр идеята өрө тутуллан, А.А. Григорьевка аналлаах «Математика нэдиэлэтэ» оҥоһулунна. Афанасий Афанасьевич төрөппүт кыыһа Надежда Афанасьевнаны кытта кыттыгас тэриллэр, ытык киһибитигэр ытыктабыл бэлиэтинэн буолар.

Оскуола математика учуутала Людмила Алексеевна Саввинова нэдиэлэ былаанын үөрэнээччилэргэ, учууталларга, төрөппүттэргэ туһуланарын кэпсээтэ. Математика нэдиэлэтэ оскуолаҕа уопсай линейкаттан, кылаас чаастан саҕаланна. Кылаас чааска «Айыл5аттан айдарыылаах учуутал» туһунан Афанасий Афанасьевич биир кэмҥэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, «Учительская слава» бэлиэ хаһаайына, «Учууталлар учууталлара», Чуукаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Виктор Алексеевич Алексеев кэлэн кэпсээтэ. Хас биирдии күрэх киһини сайыннарар, уопут биэрэр, онон оҕолор көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырда. Салгыы биһиги оскуолабыт оҕолоро математика олимпиадатыгар, дуобакка ситиһиилээхтик кытталларыгар баҕарабыт.

Афанасий Афанасьевич 1969 сылтан биэнсийэҕэ тахсыар диэри, үйэ чиэппэрин кэриҥэ Чуукаар орто оскуолатыгар олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Чуукаар ыччата ордук физико-математическай, техническэй идэлэргэ кыайа-хото үөрэммиттэрэ даҕаны элбэҕи этэр.

«Афанасий Афанасьевич идэтин толору баһылаабыт, үлэтигэр чахчы бэриниилээх буолан үлэтин кыайа тутара. Кини математик учуутал эрэ буолбакка, оҕолору иитэн көнө суолга туруорар талааннааҕа. Оҕолору иитэргэ бэйэтэ туспа методтардаах буолара. Оҕоҕо чиҥ билиини биэрэри ситиһэрэ. Саахымакка, дуобакка оҕолору эбии дьарыктыыра. Дьоҕурдаах оҕолорго математика куруһуогун тэрийэн ыытара. Оҕолор оскуола, оройуон олимпиадаларыгар кытталларыгар бэлэмниирэ. Үтүө сүбэһит, ыйааччы-кэрдээччи, дьиҥнээх Учуутал этэ» — диэн үөрэппит оҕолоро ахталлар.

Үтүө тыыннаах тэрээһин буоллан ааста. Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр  хамаандаҕа арахсан, дуобат күрэҕэр кытыннылар, оҕолор олус көхтөөхтөр. Дьиэлэригэр геометрическай эттиктэри араас матырыйаалтан оҥорооһун эмиэ биир интириэһинэй күрэх буолла. Оҕолор наһаа да үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр.

Дьүүллүүр сүбэ маннык түмүктэри таһаарда:

Математика олимпиадата: 5-6 кылаастарга 1 миэстэни Федорова Вероника (5 кылаас), 7-8 кылаастарга 1 миэстэни Семенов Эльдар (8 кылаас), 9 кылаастарга 1 миэстэни Казаков Феодосий (9 кылаас), 10-11 кылаастарга 1 миэстэни Босоев Прокопий (11 кылаас) ыланнар Дьокуускай куоракка Финансовай экономический колледжка “Функциональная грамотность” курсугар үөрэнэ баралларыгар сертификат туттулар.

Дуобат күрэҕэ: Алын сүһүөх оҕолоругар 1 миэстэ – Степанов Вова 3 кылаас, 2 миэстэ – Иннокентьева Мила 3 кылаас, 3 миэстэни Мартынов Яросла 4 кылаас ыллылар, “Кэскиллээх оонньооччу” аатын Иннокентьева Милена 1 кылаас.

Орто сүһүөххэ ! миэстэ Иннокентьева Айыына 7 кылаас, 2 миэстэ Семенов Эльдар 8 кылаас, 3 миэстэ Семенов Климентий 6 кылаас.

Үрдүкү сүһүөххэ  миэстэ Босоев Прокопий, 2 миэстэ Иннокентьев Михаил 10 кылаас, 3 миэстэ Андреева Ева 9 кылаас.

Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарарга 12 оҕо күөн көрүстэ. Муҥутуур кыайыылаах аатын ылла Босоев Прокопий 11 кылаас үөрэнээччитэ «Мотоцикл» праватыгар үөрэнэргэ Ньурбатааҕы техническэй техникумҥа сертификат.

Төрөппүттэргэ:

Дьахталларга: 1 миэстэ Данилова А.Н., 2 миэстэ Николаева Н.К., 3 миэстэ Филиппова Р.А.

Эр дьоннорго: 1 миэстэ Семенов А.И., 2 миэстэ Семенов А.Е., 3 миэстэ Николаев В.В. буоллулар. Муҥутуур кыайыылааҕынан Николаев В.В. «Буран» праватыгар үөрэнэргэ сертификат.

Геометрическай эттиктэри оҥоруу: 1 миэстэ – Болурова Алеся 3 кылаас, 2 миэстэ – Семенов Эльдар, 3 миэстэ – Степанова Чэмэлиинэ. Бу оҕолорго Дьокуускай куоракка ЯКТиД ка маастар кылааска сылдьарга сертификат. Кыайыылаах оҕолор сыаналаах бириистэри тутаннар үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ.

Кыыһа Надежда Афанасьевна Григорьева филологическай наука кандидата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ аҕатын аатын үйэтитэргэ оскуола оҕолоругар маннык үтүө өйдөбүллээх тэрээһини үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыытыспытыгар улахан махталбытын биллэрэбит.

Эльза СЕМЕНОВА, педагог-бибилэтиэкэр

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *