Нам улууһун Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолата улууска, республикаҕа биллэр баай историялаах, улахан үөрэх кыһата буолар. Биһиги оскуолабыт баай методическай уопуттаах. 20 үйэ 60-с сылларыттан оскуола базатыгар Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах элбэх экспериментальнай, методическай үлэ ыытыллыбыта. Научно-методическай үлэ тиһигэ быспакка салҕанар. Оскуола иһинэн биэс методическай холбоһук үлэлиир.
Гуманитарнай предметтэр учууталларын методхолбоһугар саха тыла, төрөөбүт литература учууталлара Дьяконова Изамира Николаевна, Новгородова Ульяна Григорьевна, нуучча тыла, литература учууталлара Парникова Надежда Анатольевна, Дунаева Елизавета Анемподистовна, Ксенофонтова Надежда Витальевна, история, обществознание учууталлара Нестеров Михаил Владимирович, Петрова Наталья Макаровна, английскай тыл учуутала Местников Дмитрий Григорьевич киирэллэр. Методхолбоһук “Ааҕыы уонна сөпкө саҥарыы методикатын(ньыма) нөҥүө үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии” диэн тиэмэнэн үлэлиир. Дьяконова Изамира Николаевна салайар. Дьяконова И.Н., Парникова Н.А учууталлар баай уопуттарын түмэн “Система преподавания гуманитарных дисциплин в школе” диэн методическай хомуурунньугу бэчээттээн таһаардылар. Бу хомуурунньукка методхолбоһук учууталларын араас үлэлэрэ, уруоктар, кылаас таһынааҕы дьарыктар технологическэй карталара, үөрэнээччилэр дакылааттарын тезистэрэ киирдилэр.
Хомуурунньугу улуус учууталларыгар тарҕатар, биир идэлээхтэри кытта баай уопуту үллэстэр сыалтан, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Березкина Лилия Николаевна, улуустааҕы үөрэх управлениятын методическай отделын көҕүлээһиннэринэн “Система работы школьного методического объединения учителей гуманитарных предметов” диэн улуустааҕы семинар ыыттыбыт. Улуус оскуолаларыттан 20 тахса биир идэлээхтэрбит кэлэн семинарга кыттыыны ыллылар. Семинары дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Березкина Лилия Николаевна арыйда. Оскуола историятын, билиҥҥи ситиһиилэрин, методхолбоһуктар үлэлэрин билиһиннэрдэ. Методхолбоһук салайааччыта Дьяконова И.Н. гуманитарнай предметтэр ситимнээх үлэлэрин, ситиһиилэрин кэпсээтэ. Ол кэннэ учууталлар бэйэлэрин уопуттарын салҕыы сиһилии сырдаттылар.
Нестеров Михаил Владимирович история предмэтигэр бүтүн Россиятааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ5э хайдах бэлэмниирин, үрдүк хаачыстыбаны ситиһэр туһунан уопутун үллэһиннэ. Наталья Макаровна улахан кылаас үөрэнээччилэригэр “Образовательный тур по историческим местам России” диэн бырайыагын интэриэһиргээн иһиттилэр. Улахан кылаас оҕолоро уруокка, эбии дьарыкка ылбыт билиилэрин Москва, Санкт-Петербург куораттарынан сылдьан эбии хаҥатан, илэ көрөн кэлэллэр. Биһиги оскуолабытыгар республикатааҕы «В.В. Уһунуускай-Сэки ааҕыыларын” ыытар үгэстээхпит. Бу туһунан оҕолору чинчийэр үлэнэн тиһигин быспакка үлэлиир Ульяна Григорьевна кэпсээтэ. Оҕону кыра кылаастан сөпкө саҥарарга, сыанаҕа, дьон иннигэр тутта-хапта сылдьарга Елизавета Анемподистовна ылсан үлэлэспитэ хас да сыл буолла. Оҕолор тэттик сценка, спектакль туруоран араас таһымнаах күрэхтэргэ кыайаллар, миэстэлэһэллэр. “Формирование сценической культуры, как средство личностного развития школьника” тиэмэнэн опытын атастаста. Үөрэнээччибит Седалищева Таня саха тылыгар уонна төрөөбүт литератураҕа Биир кэлим эксээмэни(11 кылаас) республикаҕа бастакынан 100 баалга туттарбыта. Республикатааҕы сүрүннүүр эксээмэни (9 кылаас) сыл аайы хас да оҕо талар, туттарыы хаачыстыбата үчүгэй. Изамира Николаевна бу эксээмэннэргэ хайдах бэлэмниирин туһунан уопутун кэллиэгэлэр сэргии иһиттилэр. Изамира Николаевна Нам улууһун саха тылын , төрөөбүт литература учууталларын методхолбоһугун салайааччытынан буолар.
Надежда Анатольевна «Публикация как форма распространения педагогического опыта” диэн дакылаатынан баай уопутун тар5атта. Софронова Елена Степановналыын “Хрестоматия. Русская литература. 9”, “Хрестоматия. Русская литература 10”, “Хрестоматия. Русская литература 11” оҥорон, “Айар” НИК бэчээттээн таһаарда. Бу хрестоматия рецензеннэрэ филологическай наука доктора, профессор Покатилова Н.В., “Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт” филология кафедратын сэбиэдиссэйэ Андросова Л.Н. , педагогическай наука кандидата, Амма № 1 нүөмэрдээх оскуолатын нуучча тылын , литературатын учуутала Мартынов Ф.Н. үрдүк сыанабылы биэрбиттэр. Хрестоматия үлэлиир бырагырааммаҕа сөп түбэһэр, бэдэрээссийэ үөрэххэ судаарыстыбалыы ирдэбиллэригэр эппиэттиир, араас таһымнаах сорудахтардаах, өйтөн суруйуу, реферат тиэмэлэрэ бэриллибит. Хас биирдии кылаас хрестоматията 3000 экземплярынан бэчээттэнэн таҕыста. Хрестоматиянан республика оскуолалара номнуо үөрэххэ туһанан эрэллэр. Республика нуучча тылын уонна литературатын учууталлара Надежда Анатольевнаҕа , Елена Степановнаҕа махталлара муҥура суох.
Надежда Анатольевна “СР үөрэҕэриитин туйгуна”, “РФ үөрэҕэриитин уонна иитиитин бочуоттаах үлэһитэ”, тарбахха баттанар республикаҕа биир бастыҥ нуучча тылын , литературатын учуутала. «Методика подготовки учащихся к итоговой аттестации в форме ЕГЭ и ОГЭ по русскому языку и литературе” диэн проблемнай кууруһу Кэбээйи учууталларыгар ыытта. Ону таһынан, методдесант диэни тэрийсэн, Улуустаа5ы үөрэх управлениятын кытта улуус учууталларыгар көмөҕө сылдьар. Надежда Анатольевна Нам улууһугар нуучча тылын, литературатын учууталларын методхолбоһугун салайар.
Семинарбытын улуустааҕы үөрэх управленията, кэллиэгэлэрбит үрдүктүк сыаналаатылар, махтал тылларын эттилэр.
И.Н Дьяконова, У.Г. Новородова, Н.А. Парникова, Н.В. Ксенофонтова, Д.Г. Местников үөрэнээччилэри научнай-практическай конференцияларга тиһигин быспакка кытыннараллар. Быйыл Надежда Витальевна уонна 5 кылаас үөрэнээччитэ Жиркова Ярослава “Метафорические загадки: способы образования метафорических загадок о природе (опыт составления авторских загадок) диэн дакылааттара улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ кыттан, кыайан, салгыы Москва куоракка Бүтүн Россиятааҕы «Леонардо” фестивальга 2 миэстэни ылары ситистэ.
Ситимнээх үлэ үтүө түмүктэрдээх буолар диэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Бу үөрэх дьылыгар икки этээстээх, аныгы ирдэбилгэ барытынан эппиэттиир, сырдык, ыраас саҥа оскуолабыт аанын тэлэччи арыйар. Базабыт тубустаҕына үлэ-хамнас өссө тахсыылаах буолуо диэн эрэнэбит.
И.Н. ДЬЯКОНОВА, методхолбоһук салайааччыта