Тыл баайа, этигэнэ-тупсаҕайа, араас стилэ, культурата, сайдыыта барыта күннэтэ көстөр, түмсэр түһүлгэтэ – хаһыат. Олох хаамыытын кытта тэҥҥэ хаһыат тыла эмиэ уларыйа-тэлэрийэ, байа-тайа турар.

Аныгы олох сиэринэн сирдэтэн, хаһыаты ааҕаччы болҕомтотун тардар тупсаҕай көстүүлээх, араас умнуллубат түгэннэри кэпсиир элбэх хаартыскалаах гына оҥорон-таҥан таһааран, олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан, тупсан иһэллэр.

Ааҕааччыта суох — хаһыат суох. Хаһыат кыаҕа муҥура суох. Ону табатык, сөптөөхтүк туһаныахха эрэ наада. Хаhыат матырыйаала ис хоһоонунан наарданар (иһитиннэрии, репортаж, поэзия, ааҕааччы суруга, оскуола олҕо уо.д.а.). Бу барыта, ааҕааччы сөбүлүүр рубрикатын дэбигис буларыгар, анал миэстэлээх буолар. Хас биирдии сирэй иерархиялаах: сонун суолталаах матырыйаал сирэй үөһэ өттүгэр  буолар.

Психологтар чинчийиилэринэн, ааҕааччы 80% хаһыат матырыйаалын аатыгар эрэ болҕомтотун уурар эбит. Онон ыстатыйа аата ураты суолталаах, сүрүн санаатын арыйар, ааҕааччыны сэҥээрдэр, соһутар, мөккүөргэ ыҥырар  «бэргэһэтэ» буолар.

Хаһыат тыла литературнай нуорманы тутуһар, үрдүк культуралаах. Матырыйаал аатыгар уус-уран тыл араас лексическэй, синтаксическай ньымалара, тыл көспүт суолатата, өс хоһоонноро, таабырыннар, сомоҕо домох, ырыа, киинэ аата, уус-уран айымньыттан быһа тардыы туһаныллар.

Онон хаһыат матырыйаалын аатын үөрэтии тыл бары салаатын кытта быһаччы ситимнээх.

 “Учуутал аргыһа” хаһыат өрөспүүбүлүкэбитигэр оскуола олоҕун, учуутал үлэтин, үөрэнээччи билиитин-көрүүтүн кэпсиир соҕотох хаһыаппыт буолар. Хаһыат элбэх рубриката ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар: “Сонуннар”, “Кырдьаҕастан алгыһын”, “Тэрилтэ — салайааччытынан”, “Кэпсиэхпин баҕарабын”, “Командировкатааҕы көрсүһүүлэр”, “Учуутал албан аата”, “Оҕолорбут суруйаллар”, “Киэн тутта кэпсиибит”, “Аартыктары арыйан”, “Түбүктэр, түмүктэр” рубриканы киэҥ эйгэлээх ааҕааччы биһирээн ааҕар,  бастатан туран, матырыйаал аатыгар болҕомтотун уурар.

Манна “Учуутал аргыһа” хаһыат матырыйаалын ааттарын наардаан, саха тылын уруогар ситимнээх саҥаны сайыннарыыга туһааннаах үлэ көрүҥүн быһыытынан көрүөхпүт.

Тиэкис синтаксиһын үөрэтиигэ, сүрүннээн, тиэкис аата ис хоһоонугар сөп түбэһиитин уонна этигэнигэр болҕомто ууруллара наада.

Оҕо бэйэтин санаатын тылынан да, суругунан да сааһылаан уонна уус-уран хомођой тылынан-өһүнэн этэригэр торумнаабыт тиэкиһин аатын тутула, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымата соччо-бачча болҕомтоҕо ылыллыбакка хаалар.  Аат тутулун кытта уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын саха тылын уруоктар тыл ханнык баҕарар салаатын үөрэтиигэ киллэриэххэ сөп. Холобура, “Синтаксис” салаатыгар “Этии араастара” тиэмэҕэ оҕолорго этии араас тииптэринэн ааттаммыт тиэкистэри булалларыгар уонна автор туох сыаллаах ааттаабытын быһааралларыгар сорудахтыахха сөп.

Сорудах: Тиэкиһи ааҕыҥ. Сүрүн санаатын быһаарыҥ. Тиэкис аата тоҕо ыйытар этиинэн бэриллибитий?

Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?

Саха тылыгар уонна литературатыгар кэлим государственнай эксээмэн быйыл үһүс төгүлүн ыытыллар. Сыл устата кэлим эксээмэн ирдэбилин, ис хоһоонун, уларыйыыларын туһунан араас семинар, куурус ыытыллан кэллэ.

9 кылаастарга ыытыллар республикатааҕы эксээмэн биир сүрүн уратыта диэн сорудахтар, чуолаан, саха тылыгар билиини тургутарга хайысхаламмыттар. Биллэрин курдук КГЭ үс чаастаах:

  1. Бастакы А чааска сорудах ахсаана – 30. Манна талар хоруйдаах, үөрэнээччи бэриллибит эппиэттэртэн сөптөөҕүн талан бэлиэтиир. Бу сорудахтарга саха тылын бары саалааларыгар сыһыаннаах ыйытыылар бааллар;
  2. Иккис чааска сорудах ахсаана – 8. Бу кылгас хоруйдаах, ол эбэтэр үөрэнээччи чопчу, чуолкайдык 1-2 тылынан кылгас эппиэт биэриэхтээх сорудахтара;
  3. Үһүс чааска сорудах ахсаана биир  — бэйэ айан суруйуу. Сорудах ахсаана биир эрээри ис хоһооно 12 ирдэбилгэ эппиэттиир. Бу айан суруйуу бэрэбиэркэтэ туспа ыытыллар. Сыаналыыр ирдэбиллэр ханныктарый? Үлэ үһүс чааһыгар үөрэнээччи айан суруйуу тиэмэтин сөпкө өйдөөн суруйар, сүрүн проблеманы таба ырытар, быһаарар, тэҥниир, суруйууга бэриллибит тыллары сатаан аттаран туһанар, бэйэ санаатын киэҥник арыйар, тэнитэр буолуохтаах уонна тиэкиһэ биир кэлим ситимнээх буоларыгар кыһанара наада. Суруйуу тиэмэтэ оскуола программатынан үөрэтиллэр айымньыларга тирэхтэнэр. Онон 9 кылааска үөрэнээччи КГЭ билиитин түмэр, сааһылыыр түгэнэ диэххэ сөп.

Онон түмүктээн эттэххэ, республикатааҕы КГЭ бары түһүмэхтэрэ оскуола программатын иһинэн таҥыллан оҥоһуллаллар. Биллэн турар, ханнык баҕарар эксээмэн бэлэмнэнииттэн улахан тутулуктаах. Саха тылын да саха литературатын да салааларыгар анаммыт эксээмэн уопсай билиини тургутар. Кытаатан болҕомтолоохтук сыһыаннаһан, кыһаллан бэлэмнэннэххитинэ, барыта сатанар, кыаллар суол. Барыгытыгар ситиһиини, кыһамньылаах үлэҕит үтүө түмүктээх буоларыгар баҕарабын. 

 (Февронья Ядрихинская,

Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт

 төрүт тылларын кафедратын преподавателэ,

 “Учуутал аргыһа”,  № 2 (543), 20.05.2014)

Маннык хабааннаах сорудаҕынан учуутал иитэр да үөрэтэр да соруктары туруорунар. Ыйытар этиинэн ааттаммыт тиэкис ааҕаччыны сэҥээрдэр, тута толкуйдатар.

Сорудах: Тиэкиһи ааҕыҥ. Тиэкис аата тоҕо күүһүрдэр этиинэн бэриллибитий? Тиэкис тиэмэтин арыйар дуу, сүрүн санаатын дуу?

Үс эксээмэни – сүүстүү баалга!

Республикатааҕы лицейгэ өрөбүл да күннэргэ куруук оҕо-аймах толору буолар. Кыра кылаастартан саҕалаан бу сылга оскуоланы бүтэриэхтээх оҕолорго тиийэ бары эбии дьарыктан хаһан да аккаастамматтар. Үөрэх – кинилэр саамай сыаллара-соруктара.

Бу маннык өрөбүллэргэ дьаныардаахтык дьарыктаммыт оҕолортон биирдэстэринэнСаша Ким буолар. Кини түөрт сыллааҕыта республикатааҕы лицэйи бүтэрэн, Москва куоракка үөрэнэр дьолломмута. Саша кэлим эксээмэни үс предмеккэ 100-түү баалга толорон, туох да кыһалҕата суох үрдүк үөрэххэ киирбитэ. Маннык улахан ситиһии биһиги истэрбитигэр уонна суох. “Физика, информатика уонна математика курдук ыарахан предметтэри хайдах биир да сыыһата суох, массыына курдук сөпкө суоттаатыҥ?” диэн элбэхтэ туоһуласпыттара буолуо. “Дьиҥ сахалыы барытын уура тутан, толкуйдаатахха чэпчэки. Учууталларым Павлов Алексей Николаевич, Потапов Виктор Филиппович оннук толкуйдата үөрэппит буолан, ыарахаттары көрсүбэппин. Ол оннугар төттөрүтүн нуучча тылын, литератураны толкуйдаан, өйтөн айан, суруйан таһаарар быдан ыарахан. Математика, физика, информатика – точнай наука предметтэрэ, барыта формуланан суоттанар буоллаҕа”, диэн бэрт кэбэҕэстик хоруйдуур.

Саша бу кыайыыта бэйэтин кыаҕын, хас да сыл араас таһымнаах олипиадаларга ситиһиилэрин, учууталларын, чугас дьонун эрэлин туоһулуур. Уол ситиһиитэ манан эрэ муҥурдаммат, хас да сылы супту республикатааҕы, Бүтүн Россиятааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы  олимпиадаларга куруук миэстэлэһэрэ.  Иннииктин да кини үгүс ситиһиилээх, киэн тутта ааттыыр дьоммутуттан биирдэстэрэ буолуо диэн эрэнэбит.

(Айтана Аммосова, Дьокуускай куорат,

“Учуутал аргыһа”, № 2 (543), 20.05.2014)

Лексикология салаатын үөрэтэргэ тиэкиһи кытта үлэҕэ аатыгар болҕомто уурар наада. Ол курдук тиэкис аатыгар антоним, омоним, тыл кеспут суолата, сомоҕо домох суолаталаах тыллары анаан көрүөххэ сөп.

Холобура, көспүт суолталаах тылынан ааттаммыт тиэкиһи булан, быһаарар.

Сорудах: Тиэкиһи ааҕыҥ. Тоҕо маннык ааттаммытын быһаарарга холонуҥ.     

Кураанах дьаһал буолбатах.

Ыччаппытын чөл туруктаах, бигэ сүнньүлээх тутан хаалар сыалтан дойду президенэ В.В. Путин патриотизмы сүрүн идея быһыытынан таһаарыаҕыҥ диэбитин нэһилиэнньэ сүрүннээн өйдөөн эрэр. Ол биллэр. Холобур быһыытынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт үлэһиттэрэ2017 сыллаахха ыыппыт анал чинчийиилэрин ылан көрүөххэ. Төрөппүттэргэ уонна 9-11 кылаас үөрэнээччилэригэр 10 сыаннаһы суруйан биэрбиттэр. Ону кинилэр дьиҥ олохторугар ханнык өйдөбүлү хаһыс миэстэҕэ туруоралларынан наардаабыттар. “Обществоҕа суолтаны ууруу, кыһаллаа” диэн сыаннас бүтэһик, онус, миэстэҕэ хаалбыт…

Маннык тулалыыр эйгэҕэ аанньа ахтыбат сыһыан Саха сиригэр эрэ буолбакка, бһттһһн Россия үрдүнэн үөскээн эрэр, ол сүрүннээн оҕо эппиэтинэһэ аччаабытыттан, эбэтэр олох да суоҕуттан тахсар диэн бэлиэтииллэр эбит. Оччотугар иккис холобуру ырытыаҕыҥ. 2012 сылтан бэттэх оҕо-ыччат сайдыытын, ситиһиитин, үөрэхтээһинин хайысхатыгар федеральнай таһымҥа үгүс фундаментальнай докумуоннар ылынылыннылар: Оҕо интэриэһин туһугар национальнай стратегия, 2025 сылга диэри иитии-сайыннарыы стратегията, Оҕо эбии үөрэхтээһинин сайыннарыы концепцията, 2016-2020 сылларга гражданнары патриотическай тыыҥҥа иитии государственнай программата. 2015 сыллаахха Россия президенин ыйааҕынан “Оскуола оҕолорун общественнай хамсааһына” Бүтүн Россиятааҕы оҕо-ыччат тэрилтэтэ олохтоммута. 2017 сыллаахха ити иннигэр этиллибит Оҕо интэриэһин туһугар стратегияны салгыыр аналлаах “Оҕо-аймах 10 сыла” диэн государственнай политиканы хайысхалыыр сүдү ыйаах тахсыбыта.

Бу дьаһаллар үгүс ырытыы-чинчийии кэннэ дойду статистикатыгар олоҕуран оҥоһуллаллара саарбаҕа суох. Ону биһиги сигнал быһыытынан ылыныахтаахпыт. Үрүт үөһэ, хос-хос диэн буолбатах! Общетсвоҕа үэ-саас тухары олоҕурбут сыаннастар, патриотизм өйдөбүллэрэ кырдьыктыы сыппаары гыммыттар, халбаҥнаан эрэллэр да диэххэ сөп… Онуоха государство хайаан да көмүскэниэхтээх. Оннук ирдэбили бэйэбит да туруорунабыт. Государство үлэтэ, биллэн турар, дьаһал, миэрэ эрэ быһыытынан дьайар кыахтаах. Ити ыйыллыбыт докумуоннар ис хоһоонноругар сөп түбэһэр үлэни бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйэбит эрэ тэрийиэхтээхпит, оҥоруохтаахпыт, олоххо киллэриэхтээхпит…

(Геннадий Охлопков,

“Оҕо, ыччат сайдар эйгэтин тэрийии эркээйитэ” программаны айар бөлөх сүрүннээччитэ,

 РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,

“Учуутал аргыһа”, № 02(608), 18.06.2020)

Сорудах:

  • Тиэкис аатыгар  даҕааһын аат кыччатар, күүһүрдэр эбиискэтин булуҥ, тиэкис ис хоһоонугар, сүрүн санаатыгар оруолун быһаарыҥ.
  • Даҕааһын аат кыччатар, күүһүрдэр эбиискэтин туттан, тиэкискэ аатта толкуйдаа.

Хаһыат матырыйаала үксүгэр өс хоһоонунан ааттанар. Өс хоһоонунан ааттаммыт тиэкис, биллэн турар, сүрүн санаатын уот харахха этэр.

Сорудах: Хаһыат матырыйаалыгар өс хоһоонунан ааттаммыт тиэкиһи бул. Маннык аат тиэкис ис хоһоонун арыйар дуу, сүрүн санаатын кэрэһэлиир дуу?

Билиҥҥи кэмҥэ саха тылыгар –ааһын, -ыы сыһыарыы аһары өтөн киирэн, төрөөбүт тылбыт сыыһырар, уһуур-кэҥиир, саҥарарга да, суруйарга да олуттаҕастык иһиллэр буолла.

Сорудах: Тиэкис аатыгар -ааһын, -ыы сыһыарыыны атын сыһыарыынан эбэтэр атын тылынан солбуйан көр.

“Тылы харыстааһын – аан дойду таһымыгар”, “Учуутал аргыһа”, № 7 (557), 23.07.2015;

“Бэлэмнэнии көдьүүстээх буоларын туһугар”, “Учуутал аргыһа”, № 2  (543), 20.05.2014;

“Учуутал буолуу – туспа анал”, “Учуутал аргыһа”, № 2  (543), 20.05.2014;

“Саха сиригэр Оҕо хамсааһынын 25 сыла”, № 3  (575), 23.03.2017;

“Өй-санаа түмүллүүтүн биһирээтим”, № 4  (545), 29.07.2014;

“Таба хоруйу булуу бэйэҕиттэн тутулуктаах”, № 10  (594), 18.10.2018;

“Үөрэхтээһин иннникитэ – цифровой эйгэни тэрийии”, № 10  (594), 18.10.2018;

“Сарсыҥҥыга айаны барыллааһын”, № 10  (594), 18.10.2018;

“Сайдыы суолунан”, 10  (594), 18.10.2018;

“Норуот итэҕэлин ылыы – үрдэли дабайыы”, 10  (594), 18.10.2018;

“Үлэни күүскэ таптааһын – толору дьол”, 10  (594), 18.10.2018.

Онон түмүктээн эттэххэ,  ситимнээх саҥаны сайыннарарга сөптөөх ньыманы таба тайаннахха, үлэ түмүктээх уонна таһаарыылаах буолара эрэбил. Υөрэнээччи төрөөбүт тылынан бэйэтин санаатын толору этэр-суруйар дьођура сайыннађына, кини наука атын предметтэрин баһылыыр кыахтанар.  Биллэн турар, манна тоҕоостоох сорудахтар оҕо сааһынан уратытыгар олоҕуран оҥоһуллар.

Оҕоҕо ийэ тыл уус-уран күүһүн, кэрэтин, илбиһин иҥэрэн, суруйар үөрүйэҕин сайыннарыахха, айымньылаахтык толкуйдуур, айар дьоҕура тобулларыгар суол аһыахха сөп.

Екатерина ИВАНОВА, Чурапчы

By admin

Хоруйдаа

Эн e-mail-ыҥ көрдөрүллүө суоҕа. Булгуччу толоруллуохтаах маннык бэлиэлээх - *