Ханнык баҕарар омук ыччатын, дьонун үөрэтэр уонна иитэр биир сүрүн күүһүнэн кини тыла буолар. Ол туһугар анал тыл-өс, айымньылар үөскээбиттэр. Оннуктарынан биһик ырыаларын, остуоруйаларын, өс хоһооннорун, онтон да атыттары ааттыахха сөп.
Биһиги уһулуччулаах суруйааччыбыт А.Е.Кулаковскай “өс хоһооно Саха сирин устатын тухары биир тэҥник тэнийбит” диэбиттээх. Бу үлүгэр киэҥ-куоҥ, революция иннигэр улахан быстарыктаах, кыракый алаастарга, үрэхтэринэн бытана сытар норуокка өс хоһооно биир тэҥник тарҕаммыта бэйэтэ биир дьикти көстүү диэхпин баҕарабын. Итини кини дьону умсугутар ураты кэрэлээҕинэн, кимиэхэ баҕарар тэҥник дьайар улахан көдьүүстээҕин быһаарыахха сөп быһылаах.
Өс хоһооно диэн норуот үйэлэргэ муспут муудараһа, дьон-сэргэ быһыытын, майгытын, олоҕун-дьаһаҕын өйүн-санаатын туһунан кылыс этиилэрэ, норуот бэйэтэ айбыт философията, уратылаах педагогиката. Бу бэргэн, уус-уран тыллаах этиилэр, норуотунан айыллыбыт, олоҕунан бэрэбиэркэлэммит буоланнар, туоратык иһиллибэттэр, хата киһи өйүгэр хатанымтыалар, судургу уонна туһааннаах киһиэхэ тиийимтиэлэр.
Саха өһүн хоһоонугар бэргэн психологическай кэтээн көрүүлэр түмүктэрэ дэлэйдэр: «Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх», «Акаары хамсык, киһиргэс киэбиримтиэ», «Тыла мүөттээх, сүрэҕэ муустаах», «Үөмнэр да үөннээх», «Ымсыы киһи тыыныгар да быһахтанар» «Баһа суох маанымсык, төбөтө суох үтүөмсүк», «Тот оҕо тоттук», «Бөппүрүөк бүөтэ, хадаар хаата», «Куһаҕан киһи кулгааҕа – кутуругун төрдүгэр», «Таптыыр сүрэх таайыгас», «Мэник топпутун сир уйбат» уонна да атыттар. Балар төһөлөөх көлүөнэни норуот психологиятын мындырыгар уһуйбуттара буолуой?!
Ол эрээри, өс хоһоонноругар үөрэтэр, иитэр, такайар өртө, атыннык эттэххэ, талбыт курдук педагогическай өртө баһыйара үгүс. Ону биһиги бэрт судургутук «норуот сэрэтэр», «норуот сүбэлиир», «норуот сэмэлиир» диэн үс бөлөххө арааран өйдүүбүт.
Куһаҕан быһыыттан, алҕас туттунууттан сэрэтэллэр: «Аргыһыты кытта олоруоҥ – аргыһыт буолуоҥ», «Атаҕастыыбын диэн атаххыттан ыллараайаҕын», «Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай», «Куоппут ситиллибэт», «Күүһүлэспит күүдээҕи кыайбат», «Сатаабат сата баһын тардар», «Тиэтэйбин диэн бытаарыаҥ» о.д.а.
Сүбэлиир өс хоһоонноро дэлэйдэр: «Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах», «Айан аргыһы таптыыр», «Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр», «Дьонноох киһи тутайбат», «Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл», «Саҥарыаҥ иннигэр санаан көр», «Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ», о.д.а.
Норуот бэйэтин өһүн хоһоонноругар сэмэлиирэ үгүстүк иһиллэр: «Күөххэ көппүт, бэлэмҥэ бэрт», «Саһыл курдук ньылаҥнас, ыт курдук ырдаҕас», «Үрдэххэ – антах, өҕүйдэххэ – бэттэх», «Харыйаны таҥнары соспут курдук» о.д.а. маннык этиилэр куһаҕан кэмэлдьилээххэ сытыытык тиийэннэр, уотунан даҕайаллар, хаһан да умнуллубат кэһэлтэнэн буолаллар.
Педагогическай номохтоох өс хоһоонноруттан сиэр-майгы иитиллиитигэр хайысхалаах ордук элбэх. Олор кылыс этии күүһүнэн киһиэхэ бэрт наадалаах хаачыстыбалары иитэргэ көмөлөһөллөр.
Өс хоһоонун сэргэ тутан этэр тыллаах эриэккэһэ, устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах биһиги түөлбэбитигэр, Баахынайбыт бөһүөлэгэр олорон, үлэлээн ааспыт Маарыйа эмээхсин туһунан кылгастык кэпсиэхпин баҕарабын. Ефимова Маарыйа Николаевна үлэ, тыыл ветерана 1923 сыллаахха Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Маарыйа хоһооннорун тыллара, куһаҕаны оҥорору сэмэлиир, үчүгэйтэн үөрэр, олох араас муударастарыгар үөрэтэр, сиэрдээх буоларга угуйар суолталаахтар. Кини уустаан-ураннаан, этэн-тыынан киирэн бардаҕына, киһи сэргэхсийэ, сүргэтэ көтөҕүллэ түһэрэ.
Маарыйа Ньукулаайабына дьону кытта кэпсэтэригэр күннэтэ туттар тылларыттан аҕыйаҕы эттэххэ манныктар:
Куһаҕан кэмэлдьи туһунан; Оттор маһа, иһэр уута суох ыалы, сүрэҕэ суох дьону: «Оттор мастара ойуурга, иһэр уулара эбэҕэ», эбэтэр «Аһыыр уулара аллараа, иһэр уулара Эбэҕэ». Күтүр дьону: «Эргиччи иччитэхтэр, курсай кураанахтар». Албын, түөкүн киһини «Үүтүн испит үнүгэс оҕотун курдук». Мэлдьи арыгылыыр дьону: «Эргиччи итириктэр, курсай холуочуктар» диэн хототтуур эбит. Куһаҕан быһыылаах киһини: «Халыр гынна мас халҕан, киирэн кэллэ ким эрэ».
Сүбэ-ама биэрэр тыллара: Уу кэмчи, харыстааҥ диэтэҕинэ: “Үрүйэ уута үптээх, халлаан уута харчылаах”. Үлэлээҥ, сүрэҕэлдьээмэҥ диэтэҕинэ: «Үлэлээ да үп, хамсаа да харчы» диэн дьону күллэртиирэ. Ити курдук дьикти киһи олорон ааспыт диэн суруйуубун түмүктүүбүн.
Айталина КСЕНОФОНТОВА,
Лииндэ оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала