Чуҥкук, курас саха балаҕаныгар саҥа кэм үөрүүтүн, сайдыытын сардырҕаччы ыһан кэлбит сыллар нэһилиэкпитигэр умнуллубат бэлиэ түгэннэри хаалларбыттара. Үөрэххэ талаһыы ханна да буоларын курдук, Болугур нэһилиэгэр эмиэ күүстээх этэ. 1930 сыллаахха Үрдүк Өтөххө Афанасий Михеев дьиэтин ылан, биир кылааһы аһан, биир дойдулаахпыт Мындаҕаайыттан хоту Ньимиги үрэххэ төрөөбүт, норуокка ааттыылларынан, Мииһэ атыыһыт уола Матвей Дмитриевич Фомин оҕолору ааҕарга, суруйарга үөрэппитэ. (урдук өтөх видеота) Нөҥүө сылыгар Кыстык Кугдаҕа Лаврентий Жирков дьиэтигэр көһөрүллэн икки кылаастаммыта. Матвей Дмитриевич сэбиэдиссэйдээбитэ, Василий Сергеевич Соловьев- Болот Боотур учууталлаабыта. Салгыы Матвей Дмитриевич сэттэ кылаастаах оскуола тутуутун туруорсан, оройуон салалтатын сөбүлэҥин ылбыта. Нэһилиэк уопсай мунньаҕын ыҥыраннар 1931-1932 с.с оскуоланы тутуу боппуруоһа көрүллүбүтэ. Ол кэмтэн күн бүгүнүгэр диэри Мындаҕаайы бөһүөлэгэр сырдыгы саҕар кыһа буолан оскуола үлэлиир, сайдар.
Оччоттон ыла 90 сыл ааһа оҕуста. Онон быйыл оскуолабыт үбүлүөйдээх сыла.
Алтынньы 14 күнүгэр үөрэхпит кыһата төрүттэммитэ 90 сылын бэлиэтиир дьоро күн күлүмнээн ааста. Оскуолабыт сахалартан бастакы Үлэ Дьоруойа Р.И.Константинов аатын сүгэр. Кини төрөөбүтэ 125 сылын көрсө бэлиэ күн сарсыарда уон чааска Роман Иннокентьевич скверигэр сибэкки дьөрбөтүн ууруутуттан саҕаланна. Дьоруой сылгыһыт үрдүк аатыгар сүгүрүйэн нэһилиэкпит баһылыга А.Н.Флегонтова, дириэктэрбит В.И.Пермякова, Дьоруой Арамаан сиэнэ М.И.Дьячковская итиэннэ нэһилиэкпит бочуоттаах олохтооҕо Н.Г.Михайлов эҕэрдэ тыл эттилэр, мустубут дьон пааматынньыкка тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Үөрэнээччилэргэ анаан үөрүүлээх илиниэйкэ, кылаас чаастара өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылыннылар.
Салгыы Норуот айымньытын дьиэтигэр дьоро чаас ыытылынна. Эҕэрдэ эриэккэһэ этилиннэ, оскуола кэллэктиибин, учууталлары наҕараадалааһын буолла. Улуустааҕы үөрэх управлениетыттан салайааччы Ю.П.Посельскай, улуус дьаһалтатыттан Р.Г.Васильев кэлэн эҕэрдэ тылларын эттилэр, үрдүк наҕараадалары туттардылар.
Үөрүүлээх дьоро чаас кэннэ оскуолабыт историятын сырдатар “Аартыгы арыйар, ситиһиигэ сирдиир үөрэхпит кыһата” диэн саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ ураты истиҥ быһыыга-майгыга ыытылынна. Кинигэ автора О.М.Борисова оскуолабытыгар сыралаах боччумнаах үлэтэ дьон сыанабылыгар таҕыста. Маны сэргэ оҕолор научнай-чинчийэр үлэлэрин, учууталлар уруоктарын уопутун тарҕатар кинигэлэр күн сирин көрбүттэрин эмиэ бэлиэтээтибит. Кинигэлэр тахсалларыгар учууталларбыт А.И.Луковцева, В.М.Абрамова, Е.И.Булдакова, Н.И. Прокопьева үлэлэстилэр. Бу күн онлайн халыыбынан лскуолаҕа үөрэммиттэр эҕэрдэлэрэ, бэтэрээн учууталларбыт ахтыылара куйаар ситиминэн киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Оскуолабыт историятын сырдатар документальнай киинэ көрдөрүлүннэ, үөрэхпит кыһатын устун виртуальнай экскурция ыытылынна.
Үбүлүөйүнэн сибээстээн бэтэрээн учууталларбытын дьиэлэригэр анаан тиийэн эҕэрдэлээтибит, бэлэхпитин туттардыбыт.
Ити курдук төһө даҕаны хамсык ыарыы турдар, Чурапчы улууһун Р.И.Константинов аатынан Амма орто оскуолата 90 сыл устата чулуу учууталларын, салайааччыларын күүстээх үлэтинэн үүнэр көлүөнэҕэ үөрэх сырдыгын тарҕатан кэлбитин боччумнаахтык бэлиэтээтибит. Аны да өр сылларга билиигэ-көрүүгэ куруук сирдии, угуйа, ыҥыра, оҕо саас чаҕылхай ыраас күнүн сырдык утахтарынан сыдьаайа турдун үөрэтэр кыһабыт – тапталлаах оскуолабыт!
Александра ВАСИЛЬЕВА,
Амма орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала