Учуутал күнүгэр элбэх үтүө тыл кэрэҕэ-сырдыкка, билии киэҥ суолугар сирдээбит Учуутал киһиэхэ ананар. Мин кэпсиир киһим оскуолаҕа 45 сыл олоҕун анаабыт бэрт улахан өҥөлөөх, үтүөлээх.
Галина Васильевна Платонова идэтинэн математика учуутала. Кини оҕо сааһын туһунан кэпсээниттэн Хаҥалас улууһун уруккутун-хойуккутун туһунан элбэҕи сэҥээрэ иһиттим.
Кини төрөөбүт сирэ Хаҥалас улууһун ыраах соҕуруу өттүгэр үөскүү сылдьыбыт Дьэкэмдэ. Кыра дэриэбинэ Иһиттэн чугас Алданныыр суолунан, сырыы баар сиригэр турар буолан урут, сэрии бириэмэтигэр, хоргуйбакка, бэйэлэрин дьаһанан куһаҕана суохтук олорбуттар. Дьэкэмдэ кэлин, сэбиэскэй кэмҥэ колхуостары бөдөҥсүтүү саҕана, эстибитэ.
Галина элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүт. Ийэлэрин бастакы кэргэнэ уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэх. Огдообо, 22 эрэ саастаах үс оҕолоох эдэр дьахтар онтон иккис олоҕун оҥостубут. Иккис кэргэниттэн алта оҕолонор. Галина улахан оҕо буолан, балтыларын көрөн-харайан сүрдээх эппиэтинэстээх, оттомноох буола улааппыт.
Кини оскуолаҕа Дьэкэмдэҕэ киирбит, онтон дьонноро Иһит таһыгар Кириэстээх учаастакка колхуос арыллан , онно дьиэ туттан көһөннөр, төрдүс кылааска Кытыл Дьура оскуолатыгар интернакка олорон эрэ үөрэҕин салҕаабыт. Ахсыс кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитин кэннэ математикаҕа дьоҕурдаах кыыһы Покровскай орто оскуолатыгар тохсус кылааска үөрэттэрэ ыыппыттар. Ол саҕана Покровскай оскуолатыгар учууталынан нуучча учууталлара үлэлииллэрэ: Кривых А.В., Сукнева О.В., Исаев Г.А., Поздняков Г.П. уо.д.а. Тыа сиригэр үөрэммит кыысчаан нууччалыы үөрэнэртэн ыарырҕатан тохсус кылаас кэнниттэн төттөрү дойдутугар барбыт, оскуоланы Сиинэҕэ ситиһиилээхтик бүтэрбит. Оскуола кэнниттэн төһө да үрдүк үөрэххэ ыыта сатаабыттарын үрдүнэн ол саҕанааҕы «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн комсомол ыҥырыытын өйөөн икки сыл дойдутугар Кытыл Дьураҕа дояркалаабыта. Ол кэнниттэн СГУ физико-математическай факультетыгар ситиһиилээхтик туттарсан үөрэнэ киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан 4-с кууруска Чурапчыттан төрүттээх олоҕун аргыһын Семен Ильиһы көрсөн ыал буолбута. Бэһис кууруска үөрэнэ сырыттаҕына икки игирэ кыргыттар төрөөбүттэрэ. Кэргэнэ Семен бэйэтэ оҕолорун көрөн-харайан Галина үөрэҕин салҕаан, ситиһиилээхтик бүтэрэн учуутал дипломун ылбыта.
Галина Васильевна сөбүлээн ылбыт идэтинэн бастаан Сиинэҕэ, онтон 1980 сыллаахтан 42 сыл устата тохтоло суох Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатыгар үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик үлэлээн баран, бу быйыл саҥа үөрэх дьылыттан бочуоттаах сынньалаҥҥа барда. Бу уһун кэм устатыгар учуутал уонна кылаас салайааччытын быһыытынан кини сүүһүнэн элбэх араас оҕону үөрэтэн-такайан, олохторугар бэйэлэрин оннуларын булалларыгар элбэх сыратын-сылбатын биэрбитэ саарбаҕа суох. Барыта сэттэ кылааһы салайан таһаарбыта. Галина Васильевнаҕа үөрэҕи кыайар да, үөрэхтэригэр хаалбыт, ситиспэт, ыарахан иитиилээх да оҕолор түбэһэллэрэ. Оннук оҕолорго кини бэйэтин бириэмэтин аахсыбакка ийэлии сыһыаннаах кыһаллан-мүһэллэн үлэлэспитэ. Ол оҕолоро идэ ылан, бэйэлэрин олохторун оҥостон, араас эйгэҕэ үлэлии сылдьалларыттан сүргэтэ көтөҕүллэр, киэн тутта кэпсиир. Үөрэнээччилэрин кытта куруук билсэр, араас түгэҥҥэ билигин да сүбэ-ама буолар. Уопуттаах учуутал этэринэн, кылаас салайааччыта төрөппүттэри кытта биир ситимҥэ, ыкса үлэлэһиэхтээх, оччоҕо эрэ үлэ үчүгэй түмүктээх буоларын бэлиэтиир. «Мин санаабар, учуутал оҕолору үөрэтэн, такайан сөптөөх суолунан, хайысханан ыытара – ол дьол. Үөрэппит оҕолоруҥ, төрөппүттэр истиҥ махталларын истэр – саамай үрдүк хайҕабыл»,- диир уопуттаах учуутал.
Үлэлээбит сылларыттан ханнык кэми ордорорун ыйыппыппар, Галина Васильевна билиҥҥи кэми ордорорун бэлиэтээтэ: «Аныгы кэм оҕото култууралаах, үрдүккэ, үөрэххэ талаһа сатыыр, үөрэннэҕинэ эрэ үчүгэйдик олоруом диэн санаалаах. Онон үөрэххэ баҕалаах оҕону үөрэтэр чэпчэки. Урукку оҕоҕо үөрэҕи да ылбакка үлэһит буолаҕын диэн өйдөбүл баара. Төрөппүт да сыһыана оннук этэ».
Аны оскуолаҕа сүрүн үлэ таһынан араас общественнай үлэ баар. Галина Васильевна үс төгүл оскуола кэлэктиибин профсоюзнай тэрилтэтигэр салайааччынан, чилиэниэн өр сылларга сыратын-сылбатын биэрэн туран үлэлэспитэ. Кэнсиэр буоллун, спортивнай күрэхтэһии буоллун – барытыгар кыттан эдэрдэргэ холобур буолара.
Ыһыллыы-тоҕуллуу 90-с сылларыгар, харчы, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр Покровскайга элбэх ыал ынах, сүөһү тутан олорбуттара. Платоновтар хамнас суоҕуттан икки игирэ кыргыттарын үөрэттэрээри ынах, хоруолук, куурусса, сибиинньэ ииттэннэр, хата улахан кыһалҕаны билбэтэхтэрэ. Төһө да кэргэнэ Семен Ильич дьиэни-уоту, хаһаайыстыбаны көрөргө тутаах киһи буоллар, күнү быһа оскуолаттан соло буолбат учуутал киһиэхэ кэтэх хаһаайыстыба үлэтэ эмиэ түбүк буолбута саарбаҕа суох. Оҕолор сайын бииргэ оттоһон, сүөһүлэрин харайсан ханнык да үлэттэн чаҕыйбат буола улааппыттара.
Кэргэнинээн Семен Ильичтыын 45 сыл эйэ дэмнээхтик, дьоллоохтук олорон, үс оҕону улаатыннардылар. Оҕолор бары физмат кылааһы, онтон үрдүк үөрэҕи бүтэрэннэр, билигин айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Уола Илья икки идэлээх – математика учуутала уонна экономист, билигин Пенсионнай фондаҕа отдел салайааччыта. Сардаана экономистыыр, Саргылаана ийэтин туйаҕын хатаран Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатыгар математик учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ ыраатта, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна. Сэттэ сиэннээх, улахан сиэнэ Вася мединститут ординатуратын бүтэрдэ, иккис сиэнэ Вика экономист идэтинэн Санкт Петербург куоракка Газпром улахан тэрилтэтигэр үлэлии сылдьар. Кыра сиэннэр оскуолаҕа үөрэнэллэр.
Өр сылларга үөрэх эйгэтигэр бэриниилэх үлэтин иһин педагогическай үлэ бэтэрээнэ Галина Васильевна « СӨ үөрэҕириитин туйгуна», «Учууталлар учууталлара», «Үөрэнээччи биһирэбилин ылбыт учуутал» бэлиэлэрдээх. Галина Васильевна оскуола директорыгар С.С. Шишигиҥҥа, үгүс сылларга алтыспыт, бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэригэр, кэлиэгэлэригэр, өйөбүл, күүс-көмө буолбуттарыгар махталын тиэрдэр.
Түгэнинэн туһанан кэлэктиип аатыттан бэтэрээн учууталбытын, бары ытыктыыр киһибитин Галина Васильевнаны Учуутал күнүнэн уонна үөрэхтээһин эйгэтигэр өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтэ «СӨ Үөрэхтээһинин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ» дьоһун аатынан бэлиэтэммитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт чэгиэн- чэбдик доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу, үөрэнээччилэриҥ истиҥ сыһыаннара, махталлара сүргэҕин көтөхтүн, үйэҕин уһаттын.
Сардана КИРИЛЛИНА, Покровскай к.